Баһылай Өндүрүөйүбүс Протодьяконов – Кулантай уус-уран литература олус ыарахан жанрыгар драматургияҕа үлэлээбитэ, ону сэргэ, проза эйгэтигэр киэҥник биллибитэ. Ол курдук икки романы, аҕыс сэһэни, элбэх кэпсээннэри очеркалары айан-суруйан ааҕааччыларыгар бэлэхтээбитэ.
Баһылай Өндүрүөйүбүс кэлин пенсияҕа тахсан баран, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэсэдээтэлэ Семён Петрович Данилов коҕүлээһининэн, 1969 сылтан Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай музейы тэрийэр үлэҕэ туруммута.
Кулантайы Саха сирин улэһиттэрэ СССР уонна Саха АССР Верховнай сэбиэтигэр иккилии төгүл депутаатынан быыбардаабыттар. Норуотун үрдүк итэҕэлин ис сүрэҕиттэн ылынан чиэстээхтик толорбута. Кини норуотун кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, иҥнэр диэни билбэккэ, туһааннаах боппуруостарын быһааран, бэйэтин көрдөрбүтэ. Чиэһинэй киһи буоларын көрдөрөн, Кулантай элбэх орденнарынан, медалларынан наҕараадаламмыта. «Россия уонна Саха сирин культууратын үтүөлээх үлэһитэ»диэн бочуоттаах ааттар иҥэрэллибитэрэ.
Ол Баһылай Өндүрүөйүбүс бары наҕараадалара, бочуоттаах ааттара-суоллара төрөөбүт норуотун махталын быһыытынан сыаналаныахтаахпыт.
Биһиги оскуолабытыгар учууталлар Кулантай туһунан сотору-сотору кэпсииллэр, ону биһиги олус интэриэһэргиибит уонна хайдахтаах курдук чулуу үлэһит, хорсун санаалаах, сайаҕас киһи этэ диэн үөрэ-астына саныыбыт.
Баһылай Өндүрүөйүбүс Протодьяконовтан билиҥҥи кэмҥэ элбэх холобуру ылыныахха сөп, итиэннэ инникигэ сыал-сорук оҥостуохха сөп.
Василий Андреевич улахан киэҥ туттар киһибит! Бары кинини убаастыыбыт, таптыыбыт! Биһиги кэнчээри ыччаттар хас биирдиибит сурэҕигэр өрүүтүн Кулантай баар диэн киэн туттабыт!
Леонида Иванова