«Джигиттэр»диэн Саха циркэтин киэн туттар бэлиэ нүөмэрэ. Биэс уол уонна биир кэрэ куо дьөһөгөй оҕотун мэҥэстэн, Сахабыт сирин былааҕын күөрэччи тутан киирдэхтэринэ, көрбүт эрэ нохтолоох сүрэҕэ долгуйуон, өйгө-санааҕа үөрүү, киэн туттуу тыына биллиэн сөп. Кини кимий, акка мэҥэстэр кэрэ аҥаар?
– Оҕо эрдэхпиттэн циркэҕэ интэриэстээх улааппытым. Ол саҕана соҕуруу куораттар циркэлэрин тэлэбиисэринэн эрэ көрөр буоллахпыт, – диир СӨ култууратын туйгуна, Россия үлэҕэ бэтэрээнэ, джигитка Дария Николаевна ГУЛЯЕВА. – Мин оҕо сааһым Чурапчы улууһун Болтоҥотугар ааспыта. Бэйэбит сылгылаах буолан, уруккуттан сыспай сиэллээххэ чугаспын. Бэйэм педагог-худуоһунньук үөрэхтээх эрээри, оҕо сааһым баҕатын толорон, Култуура уонна искусство кэллиэһигэр эстрада-цирк салаатыгар туттарсан киирбитим. Үс сылынан үөрэхпин бүтэрэн, Саха циркэтигэр үлэлии кэлбитим. Россия циркэтин кытта араас куораттарынан үлэлии сылдьыбыттааҕым. Ол кэмҥэ акка мэҥэстиэх баҕам күүһүрбүтэ. Дьокуускайга джигит кэлэ сылдьан, Атласовтар тиэргэннэригэр дьаама хаһан, манеж оҥорон, баҕалаахтары үөрэппитигэр умсугуйан дьарыктаммытым.
Онтон ыла Дария Николаевна ахсым аттан түспэт. Кини көрөр-истэр, бүөбэйдиир ата – Браслет. Браслет туһунан «Кэскил» хаһыат Саҥа дьыллааҕы нүөмэригэр тахсыбыта.
Утум салҕанар. Дария Николаевна тапталлаах кыыһа Туйаара Гуляева Пекиннээҕи цирковой искусство кэллиэһигэр ситиһиилээхтик үөрэнэр.