Бу соторутааҕыта С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт өрөспүүбүлүкэтээҕи «ЯРА» тылга анаммыт күрэҕи бэһис төгүлүн тэрийдэ. Бу сыллар тухары үнүстүтүүт үлэһиттэрэ В.В. Аммосова, С.Е. Ушницкая, Ф. В. Ядрихинская тылга күрэхтэһиини иилээн-саҕалаан ыыталлар.
«ЯРА» — диэн аббревиатура тылбааһа «сахалыы», «нууччалыы», «ангылыйалыы», ол аата күрэхтэһии бу үс тылынан ыытыллар. Күрэх номнуо өрөспүүбүлүкэ оҕолорун интэриэстэрин, болҕомтолорун тарта. Быйылгы күрэххэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан 19 хамаанда, буоларын курдук, быһа сибээскэ тахсан кыттыыны ыллылар. Кыттааччы хамаандалар икки күннээх сыралаах киирсиигэ араас куонкурустарга кытыннылар, сорудахтары толордулар, тургутууну аастылар. Кырдьык, кыттыбыт оҕолор бары даҕаны үс тылы үһүөннэрин тэҥҥэ дьүөрэлии үрдүк таһымнаахтык билэллэрин көрдүбүт.
Онтон кыайыылаах хамаанданан «Айыы кыһата» национальнай гимназиятын үөрэнээччилэрин «Үс кут» хамаандата маҥнайгы миэстэни ылан, үүнэр сыл саҥатыгар «Океан» лааҕырга сынньанар путевканан, ону таһынан 10.000 солк. уу харчынан бириэмийэнэн наҕараадаланна!
Түгэнинэн туһанан, кыайыылаах «Үс кут» хамаанда бары өйөөбүт-өйдөөбүт, хас биирдии куолаһы биэрбит учууталга, кылаас салайааччыларыгар, төрөппүттэргэ, оҕолорго улахан махталын биллэрэр.