Быйыл 2017 с. сэтинньи 13 күнүгэр СӨ бастакы Президенэ М.Е.Николаев 80 сааһын туолар. Бөдөҥ общественнай деятель, уһулуччулаах политическай лидер Михаил Ефимович Николаев өрөспүүбүлүкэбитин сайдыы саҥа саҕахтарыгар, үрдүк кэрдиискэ таһаарбыт, олохпут кэскиллээх оҥкулун уурбут аатырбыт салайааччы. Саха сирин олохтоохторо кинини истиҥник таптыыллар, өрө туталлар.
М.Е.Николаев эрдэттэн быһаарбытынан, Сэбиэскэй Сойуус үрэллибитин кэннэ «Бэлэм буол»-«Кэскил», «Юность Севера» диэн оҕолорго аналлаах хаһыаттар сабыллыбатахтара. Хата күн аайы уларыйа-тэлэрийэ турар олоххо Саха сирин оҕолоругар салгыы даҕаны суолдьут сулус, күүтүүлээх, кэтэһиилээх күндү бэлэх буолбуттара.
Күн бүгүн даҕаны ити ыллыктаах быһаарыныыны салҕаан, сайыннаран, СӨ Бырабыыталыстыбата оҕолорго аналлаах хаһыаттары, сурунааллары толору үбүлүүр, өйүүр. Оттон Сойуус ыһыллыбытын кэнниттэн, хомойуох иһин, үгүс регионнарга, өрөспүүбүлүкэлэргэ оҕо бэчээтэ, оҕо прессата диэн сарбыллыбыта, ончу да мэлийбитэ.
Бастакы Президент 80 сааһын туолар бэлиэ түгэнин көрсө, «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар редакциялара «Бастакы Президентэн ыйыт» диэн оскуола саастаах оҕолорго куонкуруһу биллэрэр.
Эһиги Михаил Ефимович Николаевтан тугу ыйытыаххытын баҕараргытын 4sakral@mail.ru электроннай почтаҕа ааккытын-суолгутун, кылааскытын, оскуолаҕытын, олорор сиргитин, төлөпүөҥҥүтүн толору ыйан алтынньы 19 күнүгэр диэри ыытаҕыт.
Бастыҥ ыйытыылары СӨ бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев бэйэтэ сүүмэрдээн талар. Үчүгэй ыйытыылаах оҕолор М.Е.Николаевы кытары сирэй көрсөр чиэскэ тиксиэхтэрэ, кини илии баттаабыт кинигэлэрин бэлэх тутуохтара.
Хаартыскаларга: М.Е.Николаев «Кэскил», «Юность Севера» редакциятын мусуойугар.
Василий Пак түһэриилэрэ.