Биһиги сахалыы остуол оонньууларын оонньуурбутун сөбүлүүбүт. Быйылгы выпускниктарбыт биһиэхэ сахалыы остуол оонньууларын бэлэхтээбиттэрэ.
Ол иһин переменаларга оҕолор кылааһынан актовай саалаҕа мунньустан оонньууллар, үөрэллэр-көтөллөр. Оонньуулар ааттара: «Саһаан», «Тыксаан», «Эрийии», «Өлүөнэ очуостара», «Биэс ойбон». Икки оонньуу быраабылатын кытта билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.
«Саһаан» быраабылата – бэриллибит маһынан саһааны биир-биир анньан таһааран иһэҕит. Киһи фигурата охтон түһүө суохтаах. Киһи фигуратын түһэрбит кыттааччы оонньууттан тахсар. Атыттар киһи фигуратын туруораллар уонна оонньууну салгыыллар.
«Эрийии» быраабылата – икки киһи оонньуур. Хас биирдии киһи бэйэтин маһын тутар. Оонньуу саҕалана илигинэ, кыттааччылар бэйэ-бэйэлэриттэн биир миэтэрэ курдук ыраах тураллар. Хамаанданан иккиэн быаны эргитэн киирэн бараллар. Ким бастакы ортотугар тиийбит, ол кини кыайыылаах тахсар.
Биһиги Осипова Ильянаттан, 5 кылаас үөрэнээччититтэн интервью ыллыбыт:
— Ханнык оонньуулары эн сөбүлээтиҥ?
— Мин “Биэс ойбон” оонньууну сөбүлээтим.
— Сахалыы оонньуу туохха көмөлөһөрүй?
— Болҕомтолоох, түргэн уонна сымса буоларга үөрэтэр.
Биһиги сахалыы остуол оонньууларын олус сөбүлээтибит, атын оскуолаларга бу курдук оонньуулар бааллара буоллар оҕолор үөрүө этилэр дии саныыбыт.
Даша АММОСОВА, Валерия КУЗЬМИНА,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
8 кылааһын үөрэнээччилэрэ.
1
Үчүгэй онньу