Сэтинньи 25 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 2021 сыллаах Олоҥхо декадатын аһыы сиэрэ-туома ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан бу тэрээһиҥҥэ мустубут дьон Өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо уон сылын тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтин улаханнык сэргии иһиттилэр. Бэйэтин этиитигэр Александр Николаевич олоҥхону харыстаһыыга, үөрэтиигэ үлэ суолтатыгар сиһилии тохтоото, инники үлэ соруктарын туруорда. “Күндү доҕоттор, бүгүн биһиги бары мустан Олоҥхобут декадатын саҕалыыр үөрүүлээх күммүт. Барыгытын эҕэрдэлиибин!”, – диэн Александр Николаевич бэйэтин этиитин саҕалаата.
“Хайа баҕарар норуот, ахсаана элбэҕиттэн-аҕыйаҕыттан тутулуга суох, историятын арыый да киэргэтиилээх, тупсарыылаах уонна өрө көтөҕүллүүлээх оҥорор толору кыахтаах. Биһиэхэ сахаларга оннук кыах эмиэ баар. Ону биһиги мүччү тутуо суохтаахпыт. Мөлтөтө сатааччылар биһигинэ да суох баар буолуохтара.
Былыр-былыргыттан омук күннээҕи олоҕун уонна ыра санаатын бииргэ дьүөрэлиир уонна ону номох оҥостон кэпсиир, тойук гынан туойар, тылыгар-өһүгэр, өйүгэр-санаатыгар хатаан кэнчээри ыччатыгар тиэрдэн иһэр. Ол сөптөөх дьаһаныы. Биһиги, сахалар өбүгэбит саҕаттан айылҕа атаахтаппатах, араас моһолу, утарсыыны, ыаллыы омуктарбыт кырыы харахтарынан көрүүлэрин элбэҕи туораан кэлбит, балайда уустук историялаах омукпут. Быста-быста салҕанар, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сороҕор тыын өллөйдөһөр түгэннэр биһиги омугу тумнубатахтара, аҕыйаҕа суохтар этэ. Оннук түгэннэргэ өй-санаа мөлтөөрү, тууйуллаары, кыах-сэниэ өһүллээри гыннаҕына омук бэйэтин туох-баар ыра санаатын, күүһүн-уоҕун тойук гынан туойар, олоҥхо гынан хоһуйар үгэстээх. Биһиги тойукпут, олоҥхобут күүһүн, кыаҕын кистэлэҥэ итиниэхэ сытар. Айыы бухатыырыттан ордук күлүмэх күүстээх, айыы бухатыырыттан ордук модун санаалаах, айыы бухатыырыттан ордук туохтан да иҥнибэт-толлубат дьулуурдаах аан дойду үрдүгэр суох. Ол курдук гына биһиги өбүгэлэрбит саха олоҥхотун ыпсаран-чочуйан оҥорбуттар. Ол улуу нэһилиэстибэни биһиги бүгүҥҥү көлүөнэ дьон илдьэ сылдьабыт.
Биһиги барыбыт иннигэр, ол иһигэр бу бүгүн манна мустубут дьон эһиги иннигитигэр, олоҥхобутугар, саха олоҥхотугар бэйэҕит сыһыаннаах, онуоха хайа эрэ өттүнэн сыстан: ким туойан, ким хомуйан, ким үөрэтэн, ким тарҕатан, ким көннөрү үчүгэйдик истэн даҕаны – кыттыһа сылдьар дьон барыбыт иннигэр сүктэриллибит, омуктуу эттэххэ, биһиги миссиябыт буолар. Бу сорукпутун биһиги төлөрүтүө суохтаахпыт. Билиҥҥи көлүөнэ саха дьонун сүрүн соруга – өбүгэбит улуу нэһилиэстибэтин, улуу бэлэҕин чөл тутан кэнэҕэски ыччаппытыгар тириэрдиэхтээхпит. Бу кылаан сорук. Ону толоруохтаахпыт. Ол сорук, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, норуокка бүтүннүүтүгэр сүктэриллэр. Тоҕо диэтэргин омук быһыытынан саха өлбөт-сүппэт күүһэ, сүппэт тирэҕэ – тыла, оттон тыл сүппэт тирэҕэ – олоҥхо. Ону туруулаһыы, ону харааннаһыы, ону харыстааһын уонна чөл кэнэҕэски ыччаппытыгар тириэрдии биһиги тулхадыйбат сорукпут буолар. Онно үлэлэһэ сылдьар дьоҥҥут эһиги. Онон эһиэхэ бука барыгытыгар махталбын тириэрдэбин. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан.
Бүгүн биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ бэчээттэнэн таҕыста. Сүрдээх иһирэх, үчүгэй тыллары суруйбут. Уонна ити көннөрү махтал тыллара буолбатахтар. Олоҥхо программатыгар уонна олоҥхоҕо үлэлии сылдьар дьону өйөөһүҥҥэ быйыл хамсааһын тахсыахтаах. Бүгүн манна култуура миниистирэ Юрий Степанович Куприянов кэлэн олорор буолуохтаах. Аҕыйах хонуктааҕыта кэпсэппиппит, чуолаан олоҥхо дьиэлэрин дьылҕатын туһунан. Туох да уонунан вариантан иккитэ хаалла диэбитэ. Онон чугаһаан эрэр. Олоҥхону улуустарга иилиир-саҕалыыр – олоҥхо дьиэлэрэ. Онно өй-санаа түмүллэр, тэрээһин үлэ онно мунньуллар. Онуоха көмөлөһүү, ону үбүлээһин өрөспүүбүлүкэттэн хайаан да баар буолуохтаах уонна быйылгы дьылтан баар буолуоҕа.
Эһиэхэ барыгытыгар, Олоҥхо ассоциациятыгар адьас сүрэххит баҕатынан, сүһүөххүт уйарынан, кыаххыт баарынан үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо, олоҥхону, саха тылын-өһүн, үгэһин сэргиир, саха былыргытын ытыктыыр дьоҥҥо – эһиэхэ бука барыгытыгар – улахан махталбын тиэрдэбин. Бу бүгүҥҥү үгэс буолбут Олоҥхо декадата аһыллар күнүнэн, Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин”.
Салгыы Александр Николаевич олоҥхо эйгэтин олохтооһуҥҥа оскуола иннинээҕи саастаах уонна оскуола оҕолоругар аналлаах үлэ суолтатын бэлиэтээтэ. Бу боппуруоһу Александр Жирков үөрэх министиэристибэтин болҕомтотугар анаан туһаайда. “Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ ыҥырыллыбыт үөрэх министиэристибэтин салалтатыттан киһи кэлбэтэх. Олоҥхо эйгэтин табан олохтообокко эрэ олоҥхо тылын-өһүн, олоҥхо тыынын оҕо-ыччат дьоҥҥо иҥэрии кыаллыа суоҕа. Уһуйааннарга, оскуолаларга олоҥхо эйгэтин үөскэтии үлэтин үөрэх министиэристибэтэ ыһыктан кэбистэ. Маныаха анаан урукку өттүгэр эгэлгэ пособиелар, үөрэнэр кинигэлэр кылаастарынан тиийэ аттарыллан оҥоһуллубуттара. Бу үлэни национальнай оскуола институтун үлэһиттэрэ ылсан тэрийбиттэрэ. Үөрэх министиэристибэтэ бу үлэни дьаалатынан ыытыа суохтаах, ол кинилэртэн ирдэниллиэҕэ”, — диэтэ Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ.
Ону таһынан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Толбонова Надежда Семеновна, филологическай наука кандидата Филиппова Нина Игнатьевна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Махтал суруктарынан, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Герасимова Мария Андреевна, маастар-иитээччи Григорьева Маргарита Егоровна, педагогическай наука доктора Поликарпова Евдокия Михайловна, Олоҥхо пресс-киинин үлэһитэ Маркова Татьяна Афанасьевна, олоҥхо мецената Фомина Тамара Васильевна, “Арылы кустук” общественнай тэрилтэ үлэһитэ Тихонова Ирина Михайловна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Иванова Евдокия Николаевна, “Алаһа дьоҕурдара” кэлэктиип кыттыылаахтара Амвросьев Анатолий Алексеевич, Жиркова Людмила Семеновна, Платонова Любовь Иннокентьевна, Шишигина Марфа Васильевна Өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо уон сылын тэрийэр кэмитиэт Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланнылар.