Сахалар айылҕабытынан сэмэйбит. Ону ааһан, өссө муҥкук соҕуспут. Төһөлөөх элбэх киһи ити “адаҕаттан” төлөрүйбэккэ, талаанын таһаарбатаҕа, кыаҕын туһамматаҕа буолуой?
Хата, кэлиҥҥи сылларга “Саха КВН” диэн сонун сүүрээн балысханнык сүүрүгүрэн, дохсун долгуҥҥа кубулуйан, ол долгунугар олорсубут оҕолор, нууччалыы эттэххэ, “психологическай комплекса” суох улаатан эрэллэрэ – бу оонньуу ураты сабыдыала, ситиһиитэ.
– Мин бэһис кылааска диэри бэйэбин наһаа сэнэнэ, намтата саныырым, оҕолортон кыбыстарым. Тоҕо диэтэххэ, кэлэҕэйдиирбин күлүү-элэк гыналлара. Ол миэхэ наһаа улахан “барьер”, мэһэй буолбута. Онтон алтыс кылааһы бүтэрбит сайыммар эбэм Капиталина Ивановна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха КВН” лааҕырыгар ыыппыта. Дьэ, манна кэлэн, 7 эрэ хонук иһигэр мин букатын атын киһи буола уларыйбытым. Баттыы сылдьыбыт “барьербын” төлө көтөн, бэйэбэр эрэллээх, сытыы-хотуу, кэпсэтинньэҥ, туохтан да толлубат уол оҕото буолбутум. Дьикти дии? Чахчы, оннук! КВН хас биирдии оҕону “арыйар” кистэлэҥ “күлүүстээх”, умсугутар күүстээх. Ол иһин сыл аайы манна кэлэ турабын, – диэн кэпсиир Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн сылдьар Х кылаас үөрэнээччитэ Рудольф Макаров.
«Өрүү иннигит диэки көрүҥ!»
Бу лааҕыр быйыл XI төгүлүн “Каландаришвили” оҕо сынньалаҥын киинигэр тэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан барыта 80 оҕо мустан, 21 күн устата КВН-ны оонньуурга үөрэннэ. Маастар-кылаастары “Саха Diamonds”, “Саха Чикас” курдук биллэр хамаандалар оонньооччулара ыыттылар.
Лааҕыры түмүктүүр күҥҥэ оҕолор икки ардыларыгар КВН күрэхтэһиитэ буолла. Ону көрө, СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн политикатыгар миниистирэ А.С. Владимиров кэлбит.
– Өрүү иннигит диэки көрүҥ, доҕоттоор! “Бу лааҕырга сылдьан, наһаа сайынныбыт”, – диигит. Дьэ, ол сайдыыгытын үөрэххитигэр, оскуолаҕыт уопсай үлэтигэр көрдөрүҥ. Үөрэх дьыла саҕаланара бу кэллэ. Дуоһуйа сынньаммыт, биллэ улааппыт, күүс-сэниэ, өй-билии ылбыт дьон ситиһиилээхтик үөрэниҥ, дойдугутугар туһалаах дьон буола улаатыҥ! – диэн Афанасий Семенович оҕолорго туһаайан эттэ.
Сахалыы тыллаах КВН оонньууларын бүтүн улахан хамсааһыҥҥа кубулуппут, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт Геннадий Охлопков А.С. Владимировка, Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр, “Сосновый бор” оҕону чэбдигирдэр, сынньатар кииҥҥэ, баһаатайдарга, уонна төрөппүттэргэ өйөбүллэрин иһин махталын тиэртэ.
«Бууйа-бууйа» бастаата
Лааҕырга төрдүһү бүтэрбиттэртэн саҕалаан, уон биирискэ киирээччилэргэ тиийэ саастаах оҕолор, кырабын-улахаммын диэн арахсыбакка, тэбис-тэҥҥэ күлэн-оонньоон, күн аайы КВН-ҥа бэлэмнэнэн, бэрт иллээхтик сырыттылар.
Бу 80 оҕо бары, “Бэһис долгун”, “Бууйа-бууйа”, “Сырдык сыдьаай”, “Харысхал”, “Көҥүл ыччат”, «Тыас-уус» диэн алта хамаандаҕа арахсан, туохха үөрэммиттэрин көрдөрөр оонньуулара букатын өрөспүүбүлүкэтээҕи финал таһымыгар ыытылынна. Эчи, бары көхтөөхтөрүн, көрдөөхтөрүн уонна булугас өйдөөхтөрүн! “Улахан аҥаара сыанаҕа тахсыахтааҕар буолуох, дьон иннигэр саҥарбатах оҕолор. Олору “уһугуннаран”, уһуйан, күннэтэ дьарыктаан, маннык сайыннылар”, – диэн кэпсииллэр түбүктээх үлэлэрин түмүгүн туһунан баһаатайдар.
Төһө да хамаандалар алтыан бары чаҕылхайдарын иһин, күрэс аата күрэс, кыайыылааҕынан “Бууйа-бууйа” (сал. Дь.А. Андросов) тахсан, Кубогынан, хас биирдиилэрэ мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.
Туһалаах, көмөлөөх, абыраллаах
Артыыстыыр талааннаах Ким Новиков Амма Абаҕатыттан кэлбит. Үөрэх туйгуна уол ырыаҕа да, спорка да үчүгэй эбит.
– Баҕа санаам – артыыс буолуу. Ийэм сүбэтинэн, Москваҕа М.С. Щепкин аатынан училищеҕа туттарсыам. Киинэҕэ уһуллуохпун наһаа баҕарабын. Ол иһин “Тыгын Дархан” кастиныгар холонон көрдүм. Эппиэттэрин эрэнэ күүтэ сылдьабын, – диир Ким.
Тааттаттан бу лааҕырга 22 (!) оҕо кэлбит. Олортон биирдэстэрэ – Алеша Бехтюев:
– Биһиэхэ, Уус Таатта оскуолатыгар, КВН хамаандата диэн суох. Оонньуохпун наһаа баҕарар буоламмын, бу лааҕырга кэллим. Оҕолор талааннарын, киэҥ фантазиялаахтарын сөхтүм. Күннээҕи көстүүттэн араас көрүдьүөһү толкуйдаан таһаараллар. Кыбыстыбакка барытыгар кыттар, ыллыыр буоллум. Эһиил устудьуон буоллахпына, хайаан да КВН-ҥа сылдьыам. Тоҕо диэтэххэ, КВН – иллэҥ кэми бэйэҕэр туһалаахтык атаарарга бэртээхэй дьарык.
Бу лааҕыр көмүс куоластааҕа Ренат Мыреев:
– Биһиги Ленскэй улууспут нууччалыы эйгэлээх. Сахалыы үчүгэйдик бэчинчэлэр, чамчалар, орто наахаралар, толооннор эрэ билэбит. Манна кэлэн, атын улуус оҕолоро сахалыы ыраастык саҥаралларын сөхтүм. Төрөөбүт тылбыт сүтүө суох дии санаатым. Онуоха “Саха-КВН” көмөтө, туһата улахан эбит.
«Дьулус»
сыһыарыыны
бэлэмнээтэ
Анисия Иевлева.