Төрөөбүт Ороһубут нэһилиэгэ 120 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн, муус устар 15 күнүгэр, биһиги И.Е. Иванов-Ороһуунускай аатын сүгэр VI-с кылаас үөрэнээччилэрэ уонна «Иэйэхсит» оҕо түмсүүтэ, олохтоох бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн, нэһилиэкпит уулуссаларын аатын, историятын, билиҥҥитин үөрэттибит. Топонимика наукатыгар бастакы хардыыбытын оҥордубут. Былыргы хаартыскалары, матырыйааллары булан, презентация көрдөрөн, үлэбитин көмүскээтибит.
Ороһубут уулуссаларын аатынан сиэттэрэн, киэн туттар дьоммут туһунан элбэҕи арыйдыбыт, биллибит. Бу үлэбитигэр төрөппүттэрбит көмөлөстүлэр.
Бастыҥ топонимист аатын ыллылар: Егор Крылатов, Айна Тарасова, Айыстаан Селясинов, Дамир Константинов, Корнелия Иванова. Кыттааччылар бары бириистэринэн уонна Добун, Туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар.
VIII-с төгүлүн ыытыллар региональнай уолаттар Чиряевскай ааҕыыларыгар бу үлэлэрбитинэн 6 буолан кыттаммыт, мин уонна Дамир III-с миэстэ буоллубут.
Айыстаан Селясинов,
VI- с кылаас үөрэнээччитэ.