Национальнай бибилэтиэкэ Оҕо ааҕыытын киинэ тэрийиитинэн Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса Елизавета Мигалкинаны кытта “Күлүмнэс күндүнү күүтэбин күн аайы” диэн истиҥ-иһирэх онлайн-көрсүһүү буолан ааста.
Елизавета Мигалкина “Сулустар ыҥыра көрөллөр” (2007), “Хаҥыл санаа хааһаҕа” (2011), “Халлаан устун суос-сатыы” (2014), “Дьол баар” (1920) кинигэлэр ааптардара. Хоһоонноро нууччалыы, польскайдыы, туроктыы, тувинныы, татардыы бэчээттэммиттэрэ. Сергей Васильев-Борогонскай аатынан, ону тэҥэ Ыччат министиэристибэтин литературнай граннарын ылбыта. Туспа суоллаах-иистээх элбэҕи эрэннэрэр талааннаах поэт.
Көрсүһүүгэ Дьокуускай 17 №-дээх орто оскуола VII-VIII кылааһын оҕолоро олус долгуйан, дьикти, кэрэ хоһооннору аахтылар. Поэтесса айар үлэтин туһунан ыйыталастылар.
“Поэзия ураты эйгэтигэр оҕо эрдэхпиттэн баарбын. Онно мин бэйэбин көҥүл киһинэн ааҕынабын, олох моһоллоруттан көҥүл,»– диир поэтесса.
Чэ, Елизавета Мигалкина дэлэччи тыгар күннээх хонуутунан оргууйдук, сэрэнэн хаамсыаҕыҥ эрэ.
Дэлэччи тыгар күннээх хонуубар
Чэлгиччи – сибэкки ыһыаҕа!..
Хааман иһэбин олох хонуутун устун сэгэччи,
Тулабар — сибэкки ыһыаҕа,
Хоһуллуо бу түгэн ырыаҕа…
(“Дэлэччи тыгар күннээх хонуубар”)
Чуумпу халлаан киэлититтэн
Тыгар ыраас ыйдаҥа,
“Кэлиий”, — диирин истэр курдук
Күөлүм күндээр долгуна.
Суһуохтарбар сууланаллар
Утуктаабыт сулустар,
Иэдэстэрбэр нуурайаллар
Сыламнаабыт сарыаллар.
Ыйтан күөлгэ түспүт ыллык
Ыҥырардыы угуйар,
Оргуһуоҕун сүкпүтүнэн
Кыысчаан кэннин хайыһар…
(“Чуумпу халлаан киэлититтэн”)
Туймааданы тунал хаар
Таптыы-таптыы үллүйэр,
Үрүҥ түүлээх үрдүнэн
Көмүс симэх кэтэрдэр.
Алгыыр – бу дьыл үтүө буолуоҕун,
Аныыр санаа бары туолуоҕун.
Оҕом олом суоллара – оһуордара тупсуоҕун,
Устар олох долгуна – мууһа туран биэриэҕин…
(“Туймааданы тунал хаар”)
Туманы силэйэн,
Таайтара көрдөххө,
Туох баар эн тула
Толору дьол дьиҥэ,
Кыл түгэн тырымын
Кимтэн да күүппэккэ,
Кыраттан да үөрэ,
Кэрэҕэ итэҕэй.
Күлүмнэс күндүнү
Күүтүөххэ күн аайы,
Күөх лабаа киэргэлин
Хомуйа да туран,
Кэлиэхтээх-туолуохтаах
Кэмэ суох ыраны,
Килбиктик сонньуйа,
Кистиэххэ сүрэххэ…
(“Күндүттэн күндүнү”)
Поэзия ураты эйгэтигэр кэрэнэн туоллубут. Бу олоххо хас биирдии түгэн күндү, дьол буоларын итэҕэйдибит.
Күндү айар куттаах, иэйэр илбистээх Елизавета Ивановна, алгыстаах айар аартыгыҥ арылла турдун! Кэрэ эрэ кэккэлэстин, сырдык эрэ ыксаластын. Таптал сырдык иэйиитэ олоххор аргыстастын! – диэн алгыс тылбытын эйиэхэ аныыбыт.
Аида Платонова
Оҕо ааҕыытын киинин сүрүннүүр бибилиэтэкэрэ.