Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Табаҕа оскуолатыгар Полина Григорьевна Брызгалова салалтатынан «Кыымчаан» эдкорпост 2002 сыллаахтан үлэлиир. Ол иннинэ “Табаҕа кэскилэ» поһу Агния Спиридоновна Жиркова үлэлэппитэ. Онон бу оскуола «Кэскил» хаһыаты кытта сибээһи күүскэ тутан үлэлиир. Эдкорпост иитиллээччитэ, Москва М.С.Щепкин аатынан театральнай училищеҕа (институт) устудьуона Юлия Санникова суруйар.
Суруналыыстыка куруһуога тылбын-өспүн сайыннарда
Мин оскуолатааҕы кэммэр араас куруһуоктарга үлүһүйэн сылдьарым. Ол быыһыгар суруналыыстыка куруһуогар интэриэһиргээн, орто сүһүөхтэн оскуоланы бүтэриэхпэр диэри дьарыктаммытым. Учууталым наар күүс көмө буолара. Өйдөөбөт түгэннэрбин киниттэн ыйытарым, сүбэ-ама биэрэрэ. Бу сылдьан сахалыы, нууччалыы ыстатыйалары «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарга суруйарым, үксүн оскуолаҕа буолар мероприятиелары сэһэнниирим, ардыгар интервью ыларым.
Биирдэ оскуолабыт кырдьаҕас учууталларыттан интервью ылбыппытын өйдүүбүн. Оскуола кэнниттэн дьүөгэбиниин учууталлар дьиэлэригэр барбыппыт. Бу иннинэ бэлэмнэнии бөҕөтө, тэтэрээппитигэр боппуруостарбытын барытын сааһылаан, бэрээдэгинэн туруоран суруйталаатыбыт. Тиийэн сиэр-туом быһыытынан дорооболостубут, бэйэбитин билиһиннэрдибит, туохха кэлбиппитин кэпсээтибит. Учууталларбыт барахсаттар үөрүүнү кытары кэпсээтилэр, оскуоланы, үөрэппит оҕолорун ахтан-санаан ыллылар. Дьүөгэбиниин диктофону холбоон, ыйыталаһа-ыйыталаһа тэтэрээппэр сурунан истибит. Бүтэн баран, хаартыскаҕа түстүбүт, махтанныбыт. Дьиэбитигэр тиийэн, саҥаттан тэтэрээппитигэр устан, сарсыҥҥы күнүгэр оскуолаҕа кэлэн бэчээттээн, матырыйаал суруйан таһаарбыппыт.
Оннук хас биирдии заметкабытын кыһаллан оҥорон, нэдиэлэ аайы ыстатыйам тахсыбыта буолуо диэн хаһыаппытын кэтэһэрбит. Полина Григорьевна сынньалаҥ (перемена) кэмигэр ыҥыран ылан, ыстатыйабыт иһин харчы гонорар түҥэттэҕинэ, биһигиннээҕэр ордук дьоллоох дьон суох курдук буолара. Бэйэбит үлэлээбит харчыбыт диэн ордук харыстаан туттарбыт.
Саамай өйдөнөн хаалбыт түгэним — 2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи «Юный журналист» диэн куонкуруска кыттан, тапталлаах театральнай куруһуогум туһунан суруйан, «Кэскил» лааҕырга путевканы ылбытым. «Арт-Сити» симиэнэҕэ 20 күн устата өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлбит оҕолору кытта билсиспитим, доҕордоспутум. Суруналыыстар этэрээттэрэ «Тайфун» диэн ааттаммыппыт. Симиэнэ бүтүүтэ «Кэскил times» диэн хаһыат таһаарбыппыт, редакциятын, хаартыскаларын — барытын бэйэбит оҥорбуппут. Бу хаһыаппытыгар Сергей Кривошапкин диэн лааҕырбыт оҕото доҕорун тыатааҕыттан быыһаабытын, лааҕыр аһыллыытын, ыалдьыттарбытын, түөрт этэрээт оҕолорун, баһаатайдарын, куруһуок салайааччыларбытын туһунан уустаан-ураннаан суруйбуппут. Ол үлэбит быыһыгар эттиин-хаанныын, дууһалыын сынньанар этибит. Күн аайы араас мероприятиелар буолаллара, баһаатайдар оонньуу бөҕөтүн оонньотоллоро. Мин остуол тенниһигэр иккис миэстэ буолбутум, этэрээппитинэн чирлилинг күрэҕэр бастакы миэстэ буолбуппут. Лааҕыр бүтүүтэ «Мастерство изложения» диэн номинация хаһаайката буолбутум. Наһаа астык күннэр ааспыттара, оҕолорбун кытары билиҥҥээҥҥи диэри доҕордоһобун.
Билигин Москва куоракка Щепкин аатынан театральнай училищеҕа (институтка) үөрэнэбин. Суруналыыстыка куруһуога тылбын-өспүн сайыннарда, дьону кытта кэпсэтэргэ, кинилэри өйдүүргэ итиэннэ айылҕа кэрэтин өйдөөн көрөргө үөрэттэ. Оскуолабар, учууталбар Полина Григорьевнаҕа уонна «Кэскил», «Юность Севера» хаһыат бары үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин.