Үөрэнээччилэр дьоҕурдарын, талааннарын сайыннаран, өйөөн, Өктөм П.И.Шадрин аатынан орто оскуолатын бизнес-инкубатора араас хайысханы хабан ситиһиилээхтик үлэлиир.
IV кылаас үөрэнээччилэрэ мармелад оноруутунан дьарыктаналлар. Мармелад састаабыгар желатин, оскуола хаһаайыстыбатын бэйэ мүөтүн уонна сир аһын тутталлар. «Оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ атыылаан син үчүгэй үбү-харчыны киллэринэбит диэн», – кырачаан предпринимателлэр үөрэ-көтө кэпсииллэр.
Биир сүрүн хайысханы – оскуола фото устуудьуйатын XI кылаас үөрэнээччилэрэ айымньылаахтык үлэлэтэллэр. «Устуудьуйа хайысхатынан нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэри устабыт уонна хаартыскаҕа түһэрэбит. Устубут матырыйаалбытын анал бырагыраамаҕа оҥоробут. Оскуола үөрэнээччилэригэр уонна биэбэйик иитиллээччилэригэр хаартысканан виньетка оноробут. Биир виньетка сыаната ортотунан 500 солк буолар. Туттар матырыйаалбытын: кыраасканы, кумааҕыны, ламинационнай пленканы Дьокуускайтан чэпчэки сыанаҕа ылар кистэлэҥ сирдээхпит. Үөрэх кэнниттэн күн аайы бириэмэбитин аттаран үлэлиибит. Ортотунан икки чаас тахсара буолуо. КГЭ чугаһаата, онон кыра кылаастары утумнааччылар быһыытынан үлэбитигэр кыттыһыннарабыт», — диэн Кристина Шепелева сырдатта.
«25 оҕо буолан күннээҕи дьарык гынан сайыны быһа пасекаҕа үлэлиибит. Кыһынын ыҥырыаларбыт оранжереяҕа утуйаллар. Мүөппүтүн кутарга анал иһиттэри атыылаһабыт. Атын кылаас үөрэнээччилэрэ мармелад, сыттаах мыыла онороллоругар туһаналлар. Бородууксуйабыт этикеткатын бэйэбит оноробут»,– диэн IX кылаас үөрэнээччитэ Егор Давыдов дьоһуннаахтык үлэтин сырдатта.
Маны таһынан оҕолор мэтээл, значок оҥороллор, мыыла буһараллар, кучу оту хомуйан, битэмииннээх чэйи нэһилиэнньэҕэ хамаҕатык атыылыыллар.
Семен Посельскай.