«Кэскили» – ыал аайы» аахсыйаны Дүллүкү оскуолатыгар «Кустук» оҕо түмсүүтэ, бибилэтиэкэрдэр, «Эрчим» эдкорпост тэрийдилэр.
«Мин дьиэ кэргэним
пионерскай оҕо сааhа»
Ийэлэрбит, аҕаларбыт, эдьиийдэрбит, убайдарбыт, биhиги сааспытыгар сылдьан, пионерскай сбордарга, лааҕырга, субуотунньукка түспүт хаартыскаларын көрдөрүүгэ туруордулар. Пионердар көхтөөх да эбиттэр!
Биhиги кылааспытыттан Влада Ан ийэтин хаартыскатын булан, төлөпүөнүгэр түhэрэн, дьиэтигэр илдьэн көрдөрбүтүгэр, ийэтэ наhаа үөрбүт уонна баhыыбалаабыт.
Саамай интэриэhинэйэ, бу быыстапкаҕа «Бэлэм буол» редактора Н.И. Протопопова илии баттааhыннаах Бочуотунай грамота баар! 1980 сыллаахха III кылаас октябреноктарыгар туттарбыт.
«Дьиэ кэргэним сөбүлүүр дьарыга»
Биhиги кылааспытыгар үөрэнэр Моника ийэтэ оҕо эрдэҕиттэн кэмпиэт суутун мунньар эбит. Кэлин Моника эмиэ кыттыспыт. Онон иккиэн араас ойуулаах баhаам элбэх кэмпиэт суутун аҕалан көрдөрдүлэр. Умсуура Прокопьева дьиэ кэргэнэ олус элбэх значоктаах эбит. Николай Васильев хоhооннорун хомуурунньуга, Люба Нургалина квиллинг ньыматынан оҥоһуктара, Ивановтар дьиэ кэргэн араас күрэхтэhиилэргэ кыттыбыт мэтээллэрэ, ону таһынан иис, баайыы, быысыпка… быыстапканы киэргэттилэр.
Махтал жетона
“Эрчим” пост оҕолоро көрүдүөргэ остуол тардан, сурутууну ыыттыбыт. Нэhилиэк дьаhалтата (баhылык И.И. Ан), үгэс курдук, 10 хаhыаты босхо сурутан бэлэхтээтэ. Аахсыйаҕа кыттыбыт дьоҥҥо бэйэбит оҥорбут махтал суруктаах жетоммутун туттардыбыт.
«Ааҕар дьиэ кэргэн»
Итинник ааттаах биктэриинэни бибилэтиэкэрдэр Анна Леонидовна уонна Яна Октябровна тэрийдилэр. Араас эриирдээх ыйытыыларга оҕо уонна төрөппүт эппиэттээтилэр. Анна Николаевна уонна Дояна Докторовалар бастаатылар. Дояна өссө «Кэскил» хаhыакка сыhыаннаах ыйытыыларга саамай элбэх сөптөөх эппиэти биэрэн биһирэннэ.
«Көрдөөх стартар»
Спорт саалатыгар алын кылаастарга «Ийэм, аҕам уонна мин» күрэхтэhиини Сардаана Тусаховна ыытта. Алта дьиэ кэргэн куоталаста.
Уруйдаана
АФАНАСЬЕВА,
Наташа ТАРАСОВА ,
V кылаас.
«Эрчим» пост.
Хаартыскаҕа түhэрдэ Валентин Струкин,
VII кылаас.
Дүллүкү,
Үөhээ Бүлүү.