Бүгүн “Кэскил” (“Бэлэм буол”) төрөөбүт күнүн бэлиэтиибит. Үс хонуктааҕыта эрэллээх ааҕааччыларбытыгар, эдэр кэрэспэдьиэннэрбитигэр “Кэскилгэ” бастыҥ эҕэрдэ” диэн айар күрэһи биллэрбиппит. Кыттааччылар: оҕолор, учууталлар, пост салайааччылара, бибилэтиэкэрдэр, төрөппүттэр.
Балаһыанньа быһыытынан, ким туох дьоҕурдааҕынан, тугу баҕарар толкуйдуура көҥүл. Баҕар, ыллаан дьиэрэтиэн, үҥкүүлээн дайыан, ону видеоҕа уһулан, Инстаграмҥа #кэскилтөрөөбүткүнүнэн диэн хэштеги туруоран, @keskilnews диэн бэлиэтээн угуохтаах. Хомоҕой тыллаах хоһоон суруйан холонуон сөп.
Кылгас кэм иһигэр эрэллээх доҕотторбут тапталлаах хаһыаттарын эҕэрдэлээн, хоһоон эгэлгэтин суруйан ыыттылар. Сорохтор видео уһуллулар, ону хаартысканан киэргэттилэр, ыллаатылар-үҥкүүлээтилэр. Ааҕааччыларбыт айар кыахтара муҥура суоҕун, дьоҕурдара, таһымнара үрдүгүн көрдөрдүлэр. Күрэскэ кылааһынан, бөлөҕүнэн, бүтүн оскуоланан кыттыбыттарын, түмсүүлээхтэрин, кэскиллээхтэрин кэрэхсээтибит.
КҮҮКЭЙ, СУНТААР
Сунтаар улууһун Күүкэй орто оскуолатын “Кустук” пресс-киинэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Пост салайааччылара, уһуйуллааччылара эҕэрдэлэрин видеоҕа уһуллулар, ырыанан доҕуһуоллаатылар. Өссө минньигэс туорду астаан соһуттулар.
БОРОНУК, ДЬААҤЫ
“Боронук, Дьааҥы” диэн илии баттааһыннаах оҕолор суруйууларын мэлдьи биһириибит, айар үлэлэрин сэргиибит. Пост эдэр кэрэспэдьиэннэрэ эрэдээксийэ ыытар тэрээһиннэригэр өрүү көхтөөхтүк кытталларын хайгыыбыт. Кинилэр ханнык баҕарар сорудаҕы, сып-сап курдук, бэрт түргэнник уонна тупсаҕайдык толороллор. Ол диэки төһө да сибээс мөлтөҕүн иһин, хаһыаты кытта ситимнэрин хаһан да быспаттар. Иккис зонаҕа сурутуу сыаната ыараханын аахсыбаттар, оҕо хаһыатын үрдүк суолтатын өйдүүллэр, сыаналыыллар. Боронуктар аныгылыы киэптээх фотозонаны оҥорон таһаардылар, ол таһыгар бүгүн күнү быһа оҕолор, учууталлар видеонан эҕэрдэлэрин уһулуохтара, хаартыскаҕа түһэрэн, “Кэскиллээх” күннэрин үйэтитиэхтэрэ.«Кэскилгэ» аналлаах инстаграм-фотозона.
КЭБЭЭЙИ
Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ хаһыакка өрүү суруйтараллар, бэчээттэнэллэр, куонкурустарбытыгар көхтөөхтүк кытталлар.
Оҕо аймах үөрэ күүтэр,
Ийэ-аҕа биһирээн ааҕар,
Саҥаны-сонуну суруйар
Тапталлаах хаһыаппыт «Кэскил”.
Дойду араас муннугуттан
Элбэх оҕону түмэ тардан,
Баай-талым кэпсээҥҥинэн
Дьон сэҥээриитин ылаҕын.
Араас дьэрэкээн ойууларгын
Кэрэхсии да көрөбүт,
Толкуйдатар оонньууларгын
Үөрүүнэн суоттуубут.
Тэттик үгүс хоһооннору,
Уһун даҕаны кэпсээннэри,
Үлүскэннээх үһүйээннэри
Умсугуйан да ааҕабыт.
«Кэскиллиин” биһи бииргэ
Саҥаны, сонуну билэбит,
Элбэххэ да үөрэнэбит,
Дьоҕурбутун сайыннарабыт.
Тапталлаах хаһыаппытыгар
Хас сыл ахсын тупсан,
Сайдан, кэҥээн иһэргэр,
Үөрүүлээх күҥҥэр баҕарабыт. Сайаана Терехова, V кылаас, «Дьоҕур» эдкорпост. Кэбээйи
Кэрэҕэ кынаттыыр,
Күннэтэ кэтэһэр
“Кэскил” хаһыаты
Төрөөбүт күҥҥүнэн!
Былыргыны-билиҥҥини
Билиэм этэ диэн
“Кэскили” кэтэһэбин,
Долгуйа күүтэбин.
Араас сыһыарыылардаах,
Нууччалыы да таһаарыылаах
“Кэскил” хаһыакка
Эҕэрдэбин ыытабын. Сандаара Софронеева, V кылаас. “Дьоҕур” эдкорпост. Кэбээйи.
БАППАҔААЙЫ, БҮЛҮҮ
Бүлүү улууһун М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатыгар “Көмүс бөрүө” пресс-киин айымньылаахтык үлэлиир. Салайааччы – Людмила Сергеевна Тарасова. Айар бөлөх бэртээхэй видеоны ыытаннар, айар күрэс бастакы хараҥаччыларыттан биирдэстэрэ буоллулар.
АБАҔА, ӨЛҮӨХҮМЭ
“Бэлэм буол” хаһыат бастакы редактора Архип Кудрин-Абаҕыыныскай аатын сүгэр Абаҕа орто оскуолата (Өлүөхүмэ) хаһыаты кытта ситимин быспат. Киэн туттар биир дойдулаахтарын аатын үрдүктүк туталлар, редакция тэрээһиннэригэр мэлдьи көхтөөхтөр. Салайааччы – Раиса Иннокентьевна Уйгурова.
ОРОҺУ, ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ
Эйигин оҕо-аймах
Үөрэ-көтө аахтыннар.
Улахан да дьон сэҥээрдиннэр.
Эйигиттэн элбэх билиини ыллыннар.
Ааҕа үөрэниэххэ наада,
Оччоҕо элбэҕи билэбит.
Оҕолор хаһыакка суруйа үөрэнэллэр.
Билиини сайыннарар “Кэскил” хаһыакка махтанабын! Арчылаана Васильева, Ороһу орто оскуолатын III кылааһын үөрэнээччитэ. Үөһээ Бүлүү.
Кэрэ кэпсээн кэһиилээх, сойбот сонуннаах “Кэскил” хаһыаты кэрэхсиир, арахсыспат аргыс, кэтэһиилээх доҕор оҥостор ааҕааччыларбытыгар, эркин курдук эрэллээх учууталларбытыгар, бибилэтиэкэрдэрбитигэр, төрөппүттэргэ, эбээлэргэ, эһээлэргэ барҕа махтал тылларын, баҕа санаа бастыҥын аныыбыт. Эһиги баар буолаҥҥыт хаһыат инникилээх! Эһиги баар буолаҥҥыт кэнчээри ыччаппыт айар-суруйар, ааҕар, толкуйдуур дьоҕура сайдар саргылаах.
Үлэлэри ыам ыйын 17 күнүгэр диэри keskilpress@mail.ru почтанан эбэтэр 89142233574 нүөмэргэ бассаабынан тутабыт.
Эҕэрдэлэр саайтка, @keskilnews Инстаграмыгар тахсыахтара. Бастыҥнары Дьүүллүүр сүбэ быһаарыаҕа. Кыайыылаахтар өйдөбүнньүк бирииһинэн, грамотанан наҕаарадаланыахтара. Кыттааччыларга барыларыгар туоһу суруктары ыытыахпыт.
Ааптар: Айыына Ксенофонтова