Киһиэхэ саамай күндүтэ – кини доруобуйата. Ыарыһах, олох кэрэтин билбэккэ, эмтэнэ сатаан, күнүн-дьылын барыыр.
Билигин коронавирус диэн кутталлаах ыарыы турда. Соҕуруу Кытайтан бүтүн аан дойдуга тарҕанна. Бу вирус сүрдээх түргэнник тилийэ көтөр.
Дойду Президенэ, ыарыы кутталы үөскэппэтин диэн, Россия үрдүнэн карантины биллэрбитэ. Сорохтор ону тутуспаттар, ол иһин ыарыыны тарҕаталлар.
Дьиэҕитигэр олоруҥ, ханна да барымаҥ-кэлимэҥ, илиигитин сотору-сотору мыылалаан сууна сылдьыҥ диэн этиэхпин баҕарабын. Бу ыарыы түргэнник аастын. Оччоҕуна олохпут, уруккутун курдук, үөрүү-көтүү аргыстаах аа-дьуо устан иһиэ этэ.
Эрхан Куличкин, V «Б» кылаас.
Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолата.