Муус устар – кыстык аҕыс ыйыттан сэттиһэ. Сааскы иккис ый. Хаар хайдар, харалдьык тахсар. Эбэ мууһа ырбыылыыр. Хапсык саҕаланар кэмэ. Ол аата сир-дойду харанан көрөн турар. Кыыл-сүөл аһа кэмчи. Аччыктааччы үгүс. Орто дойдуга муус устарга Айыыһыт суолтата улахан.
Айыыһыт
Бастакы халлааҥҥа олорор айыы. Кини биир курдук эрээри сэттэ дьүһүннээх. Сэттэ аҕас-балыс буолан көстөр. Тапталы уонна кэрэни төрүттээбит. Оҕо кутун аҕалан, Иэйэхсиккэ биэрэр. Иэйиэхсит дьолу киһиэхэ иҥэрэр.
Ойуута: ох уонна кыптыый. Айыы санааҕа бу оҕо кутун көрдөрөр бэлиэ. Ох – уол оҕо кута. Кыптыый – кыыс оҕо киэнэ.
Сүрүннүүр тыла: дьаралык. Айыы санааҕа бу сүппэт бэлиэ буоллун диэн суолталаах.
Уруу (сыбаайба) кэмигэр кийиити, күтүөтү эҕэрдэлээн «Дьаралык!» дииллэр. Оҕо төрөөтөҕүнэ эмиэ. Дьаралык – ол аата сүппэт-оспот үчүгэй бэлиэ.
Кут
Үрүҥ Айыы Тойон тыыны үүннэрэр күүһэ кут. Тыыҥҥа кут иҥнэҕинэ, тыыннаах буолуу күүһүрэр. Тыын эбии тупсар уонна уһуур. Алгысчыт иччилэргэ хайыһан, Айыылартан кут тардар. Оччотугар үөһээ дойдуттан кут кэлэр.
Буорга иҥмит кут – буор кут. Салгыҥҥа иҥмит кут – салгын кут. Ууга иҥмит кут – ийэ кут. Итинник буолар.
Алгыһа
Дьаралык, дьаралык, дьаралык!
Үөскүүрү төрүттээччи,
Кэскили тэрийээччи,
Уол оҕо кутун ох оҥорон
Уҥа хонноҕор кыбыммыт,
Кыыс оҕо кутун кыптыый оҥорон
Хаҥас хонноҕор кыбыммыт,
Таптал айыыта, дьиэ кэргэн төрдө,
Айыыһыт ийэ хотун, бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом.
Айыыһыт күүһэ кэрэҕэ олоҕурар. Кэрэ диэн айыы күүһүн түмүллүүтэ. Кэрэ диэн айыы саамай бастыҥ көстүүтэ буолар. Кэрэни кэрэхсии, була, олохтон үчүгэйи көрдүү иитиллибит киһи ырааска, үчүгэйгэ тардыһар. Оннук уол оҕо хорсун, хоодуот, көмүскэс, үтүө санаалаах буолар, кыыс оҕо нарын-намчы, аһыныгас, уйаҥ уйулҕаланар.
Айыыһыт үөрэҕин батыһар, сиэрин — майгытын үрдэтэр киһи үксүү турар кэрэлээх. Кэрэ үксүүрүн туһугар кэрэни харыстыыр, ытыктыыр буолуохтаахпыт. Кэрэ-олох төрдө. Кэрэ-киһитийии төрдө. Кэрэ тапталы үөскэтэр. Оҕо сиргэ төрөөн, киһи буолан, аан бастаан чугас дьонун: ийэтин, аҕатын, эһэтин, эбэтин, убайын, эдьиийин курдук буолуон баҕарар. Ити кини маҥнайгы кэрэҕэ талаһар.
Ааптар: А.Н.Павлов — Дабыл.