Бу нэдиэлэҕэ Ньурба улууһугар “Ньурба көмүс күһүнэ” диэн литература күннэрэ буоллулар. Манна “Бичик” кинигэ кыһата кыттыыны ылла. Айар куттаах ньурбалар тэрээһиннэригэр хомоҕой хоһоон кутулунна, ыллам ырыа дьиэрэйдэ.
Бастакы күн поэтесса, суруйааччы Клара Васильева 75 сааһын көрсө “Дьолум түһэ Ньурбабын Ийэм тэҥэ таптыыбын!” диэн литературнай бырааһынньыкка “Бичик” кинигэ кыһатын салайааччыта Август Егоров, сүрүн эрэдээктэр Валерий Луковцев, биллэр суруналыыс, Олоҥхо театрын литературнай салаатын сэбиэдиссэйэ Майя Власьева кыттыыны ыллылар.
Клара Васильева хоһооннорун ааҕыы, букроссинг, “Бичик” кинигэлэрин атыыта буоллулар. Кинигэ закладкатын оҥорууга маастар-кылаас ыытылынна. Итиэннэ “Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Куочайга дьолум түһэ – күөх Ньурба” хоһоону уус-уран ааҕыыга күрэх, “Күөх Ньурбам ахтыыта – Күн санаам кыната…” Клара Васильева ырыа буолбут хоһооннорунан кутаа тула истиҥ киэһэ буолан ааста.
Литература кинигэ фестивалыгар Дьокуускай куораттан, хас да улуустан, “Айар кут” түмсүү 12 киһилээх айар куттаах дьон сырыттылар уонна Сунтаар улууһуттан “Суһум” литературнай түмсүү кыттыыны ылла.
Онтон иккис күн “Мин сырдык санньыарым…” диэн саха бастакы поэтессата Варвара Потапова сырдык кэриэһигэр бастакы аудио-кинигэтин “сүрэхтэниитэ” ыытылынна. Суруналыыс, суруйааччы С.П. Федотов төрөөбүт алааһыгар – Дьөттүҥҥэ А.С. Моякунов төрөөбүтэ 70 сылын бэлиэтээн ахтыы түгэнэ буолла. Н.Т. Степанов аатынан литература уонна фольклор түмэлигэр экскурсия, Ньурбачааҥҥа Иннокентий Авксентьевич Дмитриев олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоска арыллыыта буоллулар.
“Ньурба көмүс күһүнэ” литература фестивала Ньурба биир киэн туттар, талааннаах суруйааччыта Клара Дмитриевна Васильева төрөөбүт, үөскээбит Чаппандатыгар үрдүк таһымнаахтык түмүктэннэ.
Наталья Протопопова, “Бичик” кинигэ кыһатын PR—менеджерэ
Хаартыскаларга: “Ньурба көмүс күһүнэ” литература күнүн түгэннэрэ