Сэтинньи 20 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатыгар уолаттарга Байанай ыйыгар аналлаах “Байанайы олордуу. “Дьолуо тардыыта” туом ыытылынна.

Бу тэрээһини “Төрөөбүт төрүт тылым” бырайыак салайааччыта Егорова Е.П уонна саха тылын учуутала Аргунова М.П. ыыттылар. Бу күн оскуола кыргыттарыгар уонна уолаттарга аналлаах тэрээһиннэр тэҥинэн буоллулар. Бастаан бары бииргэ түмсэн Моисей Ефимов “Тыл күүһэ” диэн хомуһуннаах хоһоонун доргуччу аахтыбыт. Ол кэннэ уолаттар аактабай саалга, кыргыттар технология кабинетыгар тарҕастыбыт.
Хас биирдии киһи чуораан тыаһынан ыраастанан киирэн аактабай саала тула олорон, Дьолуо диэн тугун, дьолуону киһи хайдах бэйэтигэр тардарын, дьолуо тугу кытары сибээстээҕин туһунан Евдокия Павловна сэһэнин болҕойон иһиттибит. Оҕолор ыытааччы ыйытыыларыгар бэйэлэрин санааларын этэн дьолуолаах буоларга киһи Байанайга, аска-үөлгэ, кэскилгэ хайдах сыһыаннаһыахтаҕын туһунан түмүк оҥордулар. “Дьолуо тардыы” туомун оҥорон, түөрт муннуктуу быһыллыбыт сылгы хаһатын “Айхал” диэн баран сиэтибит. Улахан кылаас уолаттара А.Е.Кулаковскай “Байанай алгыһын” ааҕан булчут хааннарын уһугуннардылар. Тэрээһиммит ыалдьыта буулдьанан ытыы тренерэ Костромыкин С.В оскуола түмэлин салайааччыта оҥорбут “С.З.Борисов – охотник-любитель” диэн быыстапкатын кэпсээтэ.

Онно былыр сааны хайдах ыраастыылларын, хайдах буорах куталларын уонна доруобунньук хайдах ууралларын туһунан иһиттибит. Егорова Е.П. кэпсээниттэн С.З.Борисов саха булчуттарыгар туох көмөнү оҥорбутун сэргээтибит, иккис быыстапкаттан биһиги нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт кадровай булчуттар тустарынан биллибит. Ол кэнниттэн икки хамаандаҕа арахсан биэс түһүмэхтээх “Тайҕа таабырына” күрэхтэһиигэ кытынныбыт: ”Таабырын таайыы”, “Булт тэрилин ааттаа”, “Күлүүстэһии”, “Кыраҕы харах”, “Ыйытыы – хоруй”. Түмүккэ, “Байанай» хамаанда (хамандыыр Айтал Дайбанныров) кыайыыны ситистэ. Уолаттарга барыларыгар дьолуолаах дьон буолалларын туһугар учууталларбыт бэйэни ииттиниигэ алгыс тыллардаах кэрэһит туттарбыттара.
Оҕолор Байанай ыйын суолтатын өйдөөн, Байанай уонна дьолуо диэн тугун билэн, оонньоон астына-дуоһуйа тарҕаспыттара. 7 кылаас үөрэнээччитэ – Борисов Максим:
Мин бүгүн ботуруон уонна доруобунньук хайдах иитэллэрин уонна элбэх күндү түүлээхтэри биллим. Тэрээһин олус үчүгэйдик ааста!
9 кылаас үөрэнээччитэ – Бродников Олег:
Мин бу тэрээһинтэн олус элбэҕи биллим. Ботуруон туохтан оҥоһуллубутун, сааны хайдах ыраастыылларын өйдөөтүм. Мин санаабар, тэрээһин олус үчүгэйдик ааста уонна оҕолор элбэх билиини ыллылар дии саныыбын.
Бу тэрээһин оҕолорго төрөөбүт айылҕабыт кэрэтин, булчут үтүө үгэстэрин уонна сиэри-туому дириҥник өйдүүллэригэр төһүү күүс буолла. Инникитин даҕаны оҕолорбут айылҕаны кытта алтыһа, өбүгэлэрин үгэһин ытыктыы улаатыахтара диэн эрэнэбит.
Дайбанныров Айтал, 10 кылаас,
С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын “Урсун” медиа-киинин кэрэспэдьиэнэ.
Хаартыскаҕа түһэрдэ: Винокуров Давид, 10 кылаас үөрэнээччитэ
Кэскил14.ру