Сэтинньи 13 күнүгэр «Бастыҥнар хамсааһыннара» тэрийбит, талааннаах оҕолору түмэр «Үрүҥ тугутчаан» оҕо бэстибээл-күрэҕин муниципальнай түһүмэҕэ буолан ааста. Күрэххэ Таатта улууһун нэһилиэктэриттэн оҕолор араас хайысханан кытта, сатабылларын көрдөрө кэлбиттэр.
Биһиги, Г.Д. Бястинов – Бэс Дьарааһын аатынан Чымнаайы орто оскуолатын «Күлүмчээн» үҥкүү кэлэктиибэ, икки үҥкүүнү бэлэмнээн барбыппыт. Кыра сүһүөх кыргыттар хотугу үҥкүүнү туруоран, III истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ылбыттара. Оттон улахан сүһүөхтэр «Табалар» диэн үҥкүүбүтүнэн Муҥутуур кыайыылаах аатын ылан, олус үөрдүбүт, дьоллоннубут! Онон кэлэр ыйга Дьокуускай куоракка баран, Тааттабыт улууһун чиэһин көмүскээн ситиһиилээхтик кыттарга бэлэммит.


Мин санаабар, маннык күрэхтэр оҕоҕо олус туһалаахтар. Оҕо бэйэтин сатабылын көрдөрөрүгэр, талаанын арыйарыгар, саҥа ситиһиилэргэ кынаттанарыгар үтүө кыаҕы биэрэллэр. Маннык бэстибээллэр өссө да сайда, үксүү туралларыгар баҕарабын!

Толстякова Сандаара, VIII кылаас,
Г.Д. Бястинов – Бэс Дьарааһын аатынан Чымнаайы орто оскуолата, Таатта улууһа
