
Саха сиригэр оҕо ахсааны дириҥэтэн үөрэтэригэр сөптөөх усулуобуйа тэриллэр. Ахсаан олимпиадатыгар үөрэнээччи билиитин эрэ тургутар буолбатах, саҥа санаалары уһугуннарар, ыраахтан ылан сорудахтары ырытарга үөрэнэр. Сорудахтары толоруу кыайыы эрэ буолбакка дьулуурдаах, тэтимнээх буола үөрэнэргэ, уонна инники ситиһиигэ бэлэмнэнэргэ улахан оруоллаах.
Соторутааҕыта ахсааҥҥа Измирскэй международнай олимпиада ыытылынна. Бу олимпиада историята Измир куораттан саҕаламмыт эбит. 2001 сыллаахха «Границата суох математика» диэн ааттанан тэриллибит турнирга Турция уонна Болгария үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылбыттар. Турнир кэлин Болгарияҕа, Польшаҕа уонна Измиргэ ыытыллыбыт. Быйылгы олимпиадаҕа 9-с төгүлүн араас дойдуттан 1500 оҕо кыттыбыт.
Бу турниры Саха сиригэр Алексеева Ирина Валерьевна салайааччылаах СВФУ ИМИ преподавателлэрэ, устудьуоннара, «Санук»математическай олимпиада киинин учууталлара тэрийэн ыыттылар. Араас международнай олимпиада ассоциацияларын кытта дуогабар түһэрсэн, Саха сиригэр олимпиада ыытар площадка тэрийэн, хаһыс да олимпиадаларын ыыппыттар. Олус киэҥ, инникилээх тэрээһиннэри тэрийэ сылдьалларын истэн, киһи санаата көтөҕүллэр. Онон, Саха сирин оҕолоро олимпиадаларга кытталларыгар кыах үөскээбитэ барыбытын үөрдэр эрэ.
Биһиги Сахабыт сириттэн Измирскэй турнирга, быйыл 91 оҕо кытынна, олортон 14 үөрэнээччи ситиһиилээхтик кыттан, мэтээлгэ тигистилэр. Ол иһигэр биһиги 17-с нүөмэрдээх оскуолабыт 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, Диана Кралина кыһыл көмүс мэтээли ылан, оскуолабытыгар улахан үөрүүнү аҕалла. Манна үөрэнээччи ситиһиитэ – кини бэйэтин сырата, төрөппүт көмөтө уонна учуутал күннээҕи үлэтин түмүгэ көстөр.
Диана оскуолабыт ахсаан сборнай хамаандатыгар киирэр. Кыра эрдэҕиттэн араас олимпиадаларга кыттан, оскуолабыт чиэһин элбэхтэ көмүскүүр. Учуутала Алексей Александрович Егоров, Диана олус кыһамньылааҕын, тиһигин быспакка дьарыктанарын астына ахтар: “Аан дойдутааҕы олимпиадаҕа кыайыы, биир күнүнэн оҥоһуллубат, манна кыра кылаастан саҕалаан тиһигин быспакка күүстээх дьарык, элбэх задачаны суоттааһын, төрөппүт күүстээх көмөтө баар буолан, маннык ситиһии кэллэ. Бу кыайыыга улахан көмөнү оҥорбут Диана төрөппүттэрэ буолаллар. Ол курдук Диана аҕата, элбэх араас математическай тэрээһиннэргэ тэҥҥэ кыттан, оҕотун күүскэ өйүүр», – диир учуутала, Алексей Александрович. Онон, учуутал, үөрэнээччи, төрөппүт кыһамньылаах үлэлэрэ үтүө түмүгү аҕалла диэн сыаналыыбыт. Кыайыыны аҕалбыт Дианаҕа, кини учууталларыгар, төрөппүттэригэр улахан эҕэрдэбитин тиэрдэбит.






Татьяна Олесова, Дьокуускай куорат 17№-дээх орто оскуола 10 “В” кылааһын үөрэнээччитэ