РФ норуоттарын сомоҕолоһууларын уонна СӨ Култуура сылларыгар анаан А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Зоя уонна Афанасий Соловьевтар салайааччылаах «Бриллианты Якутии» үҥкүү тыйаатырын «Элбэх кырыылаах ийэлэр» («Многогранные мамы») диэн далааһыннаах бырайыага ситиһиилээхтик буолан ааста.
Бүгүҥҥү күҥҥэ ийэ оруолун үрдэтии — бу судаарыстыбаннай таһымнаах суолталаах боппуруос. Культура үгэһин утумнааһын ийэ нөҥүө барыыта — саамай айар күүстээх суол. Ийэ киһи оҕотугар төрөөбүт тылын, норуотун үҥкүүтүн, сиэрин-туомун бэйэтин холобурунан биэрэрэ — бу Култуура сылын саамай дириҥ суолтата буолар. Үҥкүүһүт оҕо ийэтэ буолуу — көстүбэт улахан үлэ. Ол эрээри бу сырыыга ийэлэрбит бэйэлэрэ сыанаҕа та5ыстылар. 100-тэн тахса талааннаах ийэ уонна эбээ («Искорки», «Кокетки», «Божьи коровки», «Звездочки», «Куклы», «Бриллианты Якутии») кыттыһан, ийэ киһи ситиһиилээх, көхтөөх, кэрэ уонна элбэх талааннаах буоларын дакаастаатылар. Бүтүн дьиэ кэргэнинэн кыттан, ис талааннарын арыйан, ураты кэрэ көстүү буолла.
Төрөппүт: — Бу бырайыак нөҥүө ийэ киһи оҕотугар тылынан буолбакка, бэйэтин холобурунан култуура үгэһин, айар кут күүһүн тиэрдэр эбит диэн өйдөөтүбүт. Дьиэ кэргэнинэн сомоҕолоһорго маннык тэрээһиннэр наадалар. Ийэ киһи бэйэтэ үҥкүүлээн, айан-тутан көрдөрдөҕүнэ, оҕо култуура үгэһин сүрэҕинэн ылынар.
Зоя Соловьева, театр салайааччыта: — Күндү күндү ийэлэрбит, эбэлэрбит! Эһигини бу киэҥ далааһыннаах (улахан) бырайыакпыт — айар кут уонна дьиэ кэргэн сомоҕолоһуутун ураты бырааһынньыга ситиһиилээхтик түмүктэммитинэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу курэххэ бэлэмнэнии, санаалары олоххо тиэрдии күннэрэ эһиэхэ умнуллубат өйдөбүлү хааллардылар. Ол эрээри саамай сүрүнэ — эһиги бары биир улахан, иллээх дьиэ кэргэн курдук буоллугут! Ол аата биһиги сүрүн сыалбытын ситистибит! Дьүүллүүр сүбэ, көрөөччүлэр, бары биир киһи курдук сомоҕолоһоргутун көрөн ис сүрэхтэн сөхтүлэр. Эһиги бары — дьиҥнээх кыайыылаахтаргыт! Тус олоххутугар дьолу-соргуну, өссө да саҥа айар үрдэллэри баҕарабын.











Дьүүллүүр сүбэҕэ Яна Угарова баар буолан, тэрээһин таһымын өссө үрдэттэ. Ийэ дьоллоох буоллаҕына — дьиэ кэргэн бигэ туруктаах, ийэ талааннаах буоллаҕына — оҕо кынаттаах.
Яна Угарова: — Мин бу куонкурус үрдүк таһымыттан олус соһуйдум уонна астынным! Үрдүк таһымнаахтык ааста, манна дьиҥнээх артистар мустубуттар — оҕолор да, ийэлэр да. Бэйэм ийэ, эбээ буолан, бу тугу ирдиирин, төһөлөөх күүһү-кыаҕы эрэйэрин бэйэм эппинэн-хааммынан билэбин. Хас биирдии оҕону дьарыкка таһыы, кинилэри иитии-үөрэтии, дьиэ кэргэн түбүгүн кытта дьүөрэлээһин диэн төһөлөөх улахан үлэ буоларын олоҕум уопутуттан билэбин. Ол иһин бүгүн манна кытта кэлбит элбэх оҕолоох төрөппүттэри өссө ордук истиҥник өйдүүбүн уонна сыаналыыбын. Ийэ диэн Шива таҥара курдук — барыны бары сатыыра хайҕаллаах! Кини оҕотугар быраас да, учуутал да, астыыр повар да, дьиэни көрөр кухарка да буолар. Онтон бүгүн өссө итэҕэйдим: ийэ диэн дьиҥнээх үҥкүүһүт, ырыаһыт уонна сцена сулуһа эбит! Ийэ диэн — дьиэ кэргэн кута, иэйиитин төрүтэ. Бу куонкурус — олох оскуолата, манна кыттыбыт хас биирдии оҕо ийэтин дьиҥнээх кыаҕын көрөн, кининэн киэҥ туттар буолар. «Бриллианты Якутии» салайааччыларыгар Зоя уонна Афанасий Соловьевтарга улахан махтал! 300-тэн тахса киһини, бүтүн дьиэ кэргэттэри маннык түмэн тэрийэн… Күрэх түмүгүнэн, «Куклы» бөлөх кыайыыта олус сөптөөх — кинилэр креативтара, көстүүмнэрэ үрдүк таһымнаах. Оттон аҕалар кыттыылара соһутта — ол буоллар дьиэ кэргэн дьиҥнээх күүһэ уонна тирэҕэ! Мин санаабар, бу бырайыагы Саха сирин иһинэн эрэ хаалларбакка, аан дойду таһымыгар таһаарыахха наада! Биһиги ийэлэрбит кэрэлэрин, дьоҕурдарын уонна сахабыт мааны таҥаһын бүтүн Аан дойду көрүөхтээх. Хас биирдии ийэ — дьиҥнээх сулус уонна героиня. Бу кэрэ көстүүнү, дьиэ кэргэн сыаннастарын өссө күүскэ таһаара туруоҕуҥ. Махтал барыгытыгар!
«Бриллианты Якутии» тыйаатырбыт — оҕолорбутугар уонна төрөппүттэрбитигэр сирдьит сулус буоллун! Оҕолорбут үөрүүттэн харахтара умайа сылдьан: «Биһиги бары бииргэ сатаатыбыт!», — диэн этэр түгэннэрэ — бу буолар Саха сирин саамай күндү бриллиана, саамай үрдүк кыайыыта!
Кэскил14.ру
