Ааспыт өрөбүллэргэ Уус-Алдан Бэйдиҥэтигэр Кыһыл кинигэҕэ киирбит айылҕа маанылаах оҕолоро — кыталыктар ыалдьыттаатылар. Кыҥкыр-лыҥкыр ырыалаах көтөрдөр күөлгэ түһэн, сынньанан, сэниэ ылан аастылар. Олохтоохтор кинилэри көрөн дьоллоннулар.
Кыталыктар ыам ыйын 17 күнүгэр Бэйдиҥэ эбэтин үрдүнэн киэһэлик кэлэн түспүттэрэ. Мааны көтөрдөр ити күн түспүт сирдэригэр хоннулар. Сарсыҥҥы күнүгэр эбэни иккитэ эргийэн баран, хоту диэки көтө турдулар. Олохтоохтор кэлэн чугастан көрдүлэр, сөхтүлэр-махтайдылар. Өбүгэлэрбит этиилэринэн, кыталыгы көрбүт киһи дьоллоох буолар.
Ааптар: Люба Охлопкова, Бэйдиҥэ орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ