«Кырдьаҕаска, кыаммакка көмөлөс» диэн өбүгэбит саҕаттан тиийэн кэлбит бэргэн этии баар. Ол аата аҕа саастаах уонна үлэни-хамнаһы кыайбат буолбут дьоҥҥо болҕомтобутун ууруохтаахпыт, кинилэр олохторун тугунан эмэ чэпчэтэ сатыахтаахпыт.
Биһиги Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ хас сыл аайы тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, сэрии огдооболоругар уонна көмөҕө наадыйар аҕам саастаах дьоҥҥо көмөлөһөбүт.
Хас күһүн аайы алтынньыга «5 хортуоппуй» диэн тэрээһини ыытабыт. Манна хас биирдии үөрэнээччи уонна учуутал биэс устуукаттан саҕалаан, онтон да элбэх хортуосканы аҕалан туттарар. Ону барытын мунньан, кууллаан баран, оҕо тэрилтэтин лиидэрдэрэ уонна баһаатайбыт Наталья Матвеевна көмөҕө наадыйар ыалларга илдьэн биэрэллэр. Сыл аайы элбэх куул хортуоппуй уонна хаппыыста хомуллар. Ол курдук, соҕотоҕун олорор В.С. Захаровка, инбэлиит Я.Д. Тарасовка көмөлөһөбүт.
Саас кылааһынан бары тимуровскай көмөҕө тахсабыт. Биһиги V кылааска сылдьан, тыыл бэтэрээнэ Иванова Мария Федотовнаҕа мас саһааннаабыппыт. Онтон VI кskааска үлэ бэтэрээн’ Тимофеева Клара Даниловнаҕа эмиэ мас саһааннаан көмөлөспүппүт. Үрдүкү кылаас оҕолоро мас хайыталлар, хаар түһэрэллэр уонна муус таһаллар. Көмөлөстөхпүтүн э, кырдьаҕас дьонис сүрэхтэриттэн үөрэллэр уонна махтаналлар. Сылаас чэйинэн күндүлүүллэр уонна оҕо саастарын туһунан кэпсииллэр, сүбэ-ама биэрэллэр. Биһиги кинилэргэ үөрэхпит туһунан, оскуолабыт сонунун сэһэргиибит.
Бу курдук кырдьаҕастарга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо көмөлөһүү биһиги оскуолабытыгар үтүө үгэскэ кубулуйан, оҕолору үтүө майгылаах, аһыныгас буоларга уһуйар.
Федорова Дайаана ,
VII кылаас
Дүллүкү, Бүлүү.