Айыыһыт сыла түмүктэнэн, үүммүт 2025 сыл сахаларга Иэйэхсит сыла буолар. Ол туһунан алгысчыт Бүөтүр Кыычыкын-Сайылык Бүөтүрэ кэпсиир.
— Иэйиэхсит — дьахтар таҥарата. Кини аһаҕас майгылаах. Киһини амарах, эйэҕэс оҥорор, бары куһаҕантан сэрэтэр, араҥаччылыыр. Киһи-cүөһү үөскүүрүн, сайдарын араҥаччылыыр, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү, кэрэни саныыр, кут-сур чөл буолуутун түстүүр. Иэйэхситтэн кэлбит оҕо өҥ буолар.
Сыл саҕаланна. Иэйиэхсит хотун түһэр. Кини сылаас тыына буорга, ууга, салгыҥҥа иҥэр. Киһини амарах, эйэҕэс оҥорор, бары куһаҕантан арчылыыр. Иэйиэхсит кири-хоҕу сөбүлээбэт. Иэйэхсит аһаҕас майгылаах, эйэҕэс, амарах, өл.
Иэйэхсит кэллэҕинэ, от-мас көҕөрөр, ас-үөл дэлэйэр. Иэйиэхсит киһини бары куһаҕантан сэрэтэр, араҥаччылыыр.
Иэйэхсит киһиэхэ сүөһү көрөөччү, булчут, үүннэрээччи, эмчит идэлэри биэрэр.
Киһи барахсан Айыылыы санаата уһуктар кэмэ кэллэ. Өркөн өй — муударай мутуга тобуллар кэмэ. Киһи айылҕаттан дьоҕурдара арылларыгар бэрт кэм. Талба талааннаргытын арына сатаатаххытына, сатабыллаах дьон буолан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэхситэр кэмҥит кэллэ. Өтө көрөр, сэрэйэр айылгылаах, онон ааһан иһэр албыҥҥа-түөкэйгэ үктэппэт. Кыһалҕалаахха ис сүрэҕиттэн көмөлөһө сатыыр киһи, элбэх ситиһиигэ тиксиэ. Иннигитин туохха да биэрбэт буоллаххытына, кыыһыра-тымта, улаатымсыйа сатаатаххытына, Дьолуо Айыыһыт тиэрэ эргийиэ. Ыарахан ньэгири түргэнник аһарына үөрэниҥ. Өһүргэнии, бэйэни аһыныыны тохтотуҥ. Дьиэ кэргэҥҥэ ытыктабыл, өйдөһүү-өйөһүү, бэйэ-бэйэни харыстааһын сыаннастарын өрө тутуу, — диэн Сайылык Бүөтүрэ этэр.
Бүөтүр Кыычыкын-Сайылык Бүөтүрэ алгыһын истиҥ:
keskil14.ru