Сэтинньи 15 күнүгэр Ньурба улууһугар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт V-XI кылаас үөрэнээччилэригэр анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүччү» научнай-практическай конференцияҕа «Мин төрүттэрим баһылаабыт идэлэрэ» секцияҕа кытынным.
Кыттыбыт тиэмэм аата «Моя родословная» диэн, онно ийэм, аҕам икки өттүлэриттэн төрүччүлэрин хомуйан сборник оҥорбутум туһунан кэпсээтим уонна 2025 сыл олунньу ыйга Дьокуускай куоракка «Бэс Чагда» оҕо сынньанар киинигэр «Төрүччүгэ» аналлаах профильнай сменаҕа ыҥырыыны тутан олус үөрдүм.
Сборнигы ийэм аах 2017 сылтан саҕалаан оҥороллор, ону ситэристим, электроннай варианын быйыл түмүктүөхтээхпит. Манна өрөспүүбүлүкэ уонна Ньурба улууһун архыыбын матырыйаалларын, дьоммут кэпсээннэрин, хаартыскалары туһанныбыт. Салайааччым ийэм Марина Дмитриевна Захарова буолар.
Тэрээһин өрө көтөҕүүлээхтик ааста, кыттааччы да элбэх. Тэрийээччилэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин.
Виктор Захаров, Убайаан орто оскуолатын 8-а кыл. үөрэнээччитэ, Ньурба.
keskil14.ru