Бүлүү бөлөх улуустарын үөрэнээччилэригэр аналлаах «Төрүччү. Память предков» научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэ сэтинньи 15 күнүгэр Ньурба улууһугар С.П. Алексеев-Боһуут аатынан Чаппанда орто оскуолатыгар ыытылынна. Кыттааччылар V-XI кылаас үөрэнээччилэрэ сэттэ хайысхаҕа чинчийэр үлэлэрин көмүскээтилэр.
Чинчийэр үлэлэри экспердар: СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр институт дириэктэрэ Константин Аргунов, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын эппиэттиир сэкирэтээрдэрэ Анна Слепцова, Прокопий Софронеев, Ньурба улууһун үөрэҕин управлениетын иитэр үлэҕэ сүрүн специалиһа Василий Семенов, эбии үөрэхтээһин педагога Оксана Лотосова, оҕо хамсааһынын сайдыытын муниципальнай куратора Валентина Давыдова, эбии үөрэхтээһин педагога Дьип Захаров, Чаппанда орто оскуолатын төрөөбүт тыл учууталлара Екатерина Ефимова, Мария Прокопьева сыаналаатылар.
«ТӨРҮЧЧҮ. ПАМЯТЬ ПРЕДКОВ» НАУЧНАЙ-ЧИНЧИЙЭР КЭМПИРИЭНСИЙЭ КЫАЙЫЫЛААХТАРА:
«Бастакы үктэллээх диплом» — Дайаана Тихонова, Чаппанда орто оскуолата, 10 кылаас.
«Иккис үктэллээх диплом» — Эльдар Мордовской, Хаҥалас орто оскуолата, 10 кылаас.
«Үһүс үктэллээх диплом» — Ньургун Николаев, Акана орто оскуолата, 7 кылаас.
Кыайыылаахтар дипломнарынан, «Бэс чагда» оҕо сынньанар киинигэр барар туоһу суругу, «DNS» маҕаһыынтан сертификаттарынан наҕараадаланнылар.
«ТӨРҮЧЧҮ. ПАМЯТЬ ПРЕДКОВ» НАУЧНАЙ-ЧИНЧИЙЭР КЭМПИРИЭНСИЙЭ АНАЛ ААТ ХАҺААЙЫННАРА:
«Кэскиллээх чинчийээччи» — Дарина Иванова, НТЛ, 5 кылаас.
«Кэскиллээх чинчийээччи» — Георгий Тимофеев, НТЛ, 10 кылаас.
«Кэскиллээх чинчийээччи» — Ганна Алексеева, Хомустаах орто оскуолата, 8 кылаас, Үөһээ Бүлүү.
«Бастыҥ презентация» — Никита Охлопков, Марха орто оскуолата, 8 кылаас.
«Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин тарҕатыы» — Сайаан Попов, НТЛ, 8 кылаас.
«Саамай эдэр чинчийээччи» — Олимпий Алексеев, Хаҥалас орто оскуолата, 5 кылаас.
«Бастыҥ оратор» — Тимур Иванов, Марха орто оскуолата, 9 кылаас.
«Бастыҥ оратор» — Айхал Петров, Дүллүкү орто оскуолата, 8 кылаас, Үөһээ Бүлүү.
«Төрүт өбүгэлэрбиттэн силистэнэн» — Анита Слепцова, Малдьаҕар орто оскуолата, 9 кылаас.
«Мин дьиэ кэргэним уонна модун Россия» — Виктория Васильева, НТЛ, 5 кылаас.
«Мин төрдүм-ууһум — бигэ тирэҕим» — Андрей Ефимов, Антоновка орто оскуолата, 9 кылаас.
«Өбүгэм номоҕо» — Лилия Васильева, Марха орто оскуолата, 6 кылаас.
«Инникилээх чинчийэр үлэ» — Иннокентий Охлопков, НТЛ, 10 кылаас.
«Удьуор ситимэ» — Сахайаан Семенов, Чаппанда орто оскуолата, 6 кылаас.
«Бэс чагда» оҕо сынньанар киинигэр «Төрүччү» профильнай сменаҕа туоһу суругу туттулар:
- Дайаана Тихонова, Чаппанда орто оскуолата, 10 кылаас.
- Эльдар Мордовской, Хаҥалас орто оскуолата, 10 кылаас.
- Ньургун Николаев, Акана орто оскуолата, 7 кылаас.
- Виктор Захаров, Убоян орто оскуолата, 8 кылаас.
- Самир Герасимов, Күндээдэ орто оскуолата, 8 кылаас.
- Алексей Иванов, Малдьаҕар орто оскуолата, 8 кылаас.
- Мичийээнэ Васильева, Хатыы орто оскуолата, 8 кылаас.
- Дайаана Моякунова, НМГ, 8 кылаас.
- Лилия Васильева, Марха орто оскуолата, 6 кылаас.
- Сайдам Васильев, НТЛ, 5 кылаас.
- Авдей Неустроев, Маар орто оскуолата, 9 кылаас.
«Моя семья в истории Отечества» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн патриотическай форумугар ыҥырыы туттулар:
- Андриан Егоров, Дүлүккү орто оскуолата, 9 кылаас, Үөһээ Бүлүү.
- Айхал Петров, Дүлүккү орто оскуолата, 8 кылаас, Үөһээ Бүлүү.
- Түмэн, Айдын, Аман Васильевтар, НМГ, Ньурба.
- Сандал Угапьев, НТЛ, 6 кылаас.
- Виктор Захаров, Убоян орто оскуолата, 8 кылаас.
- Даниэль Андросов, Чаппанда орто оскуолата, 7 кылаас.
- Илья Иванов, НТЛ.
- Игорь Ан, Дүллүкү орто оскуолата, 6 кылаас, Үөһээ Бүлүү.
- Алгыстаан Александров, НМГ, 6 кылаас.
- Сильвия Николаева, Хоро орто оскуолата, 7 кылаас, Үөһээ Бүлүү.
Кыайыылаахтары өссө төгүл эҕэрдэлиибит!
ИЛ ДАРХАН ӨЙӨБҮЛҮН ЫЛБЫТ БЫРАЙЫАК САХАБЫТ СИРИН УЛУУСТАРЫГАР БАСТАКЫ ТЭРЭЭҺИНЭ НЬУРБА УЛУУҺУГАР ЭДЭР ЧИНЧИЙЭЭЧЧИЛЭРИ БИИРГЭ ТҮМЭН КЭСКИЛЛЭЭХ КИЭҤ ААРТЫГЫ АРЫЙДА!
keskil14.ru