Хоту дойдуга балык арааһа баар, онтон саамай биһиги сөбүлээн балыктыыр балыкпыт дьарҕаа буолар. Онтон хоту дойдуга собо эмиэ үөскүүрун билэр этигит дуо?
Собо тууһа суох ууга үөскүүр. Күөл балыгын сахалар былыр-былыргыттан араҥаччылыыллар. Онтон биһиэхэ күөл аҕыйах, ыраах сирдэргэ баар буолан, дьон онно баран муҥхалыыллар. Аҕыйах сыллааҕыта бөскөнньө, кулгааҕа суох сирдэргэ собо ыыппыттара. Аҕыйах сылынан сылын аайы күөл мууһа киһини уйар буолла даҕаны, эр дьон мустан кыһыҥҥы муҥхаҕа тахсаллар. Манна эттэххэ, биһиэхэ да, хоту дойдубутугар, улахан собо үөскээбит эбит диэн наһаа үөрдүм, сөхтүм.
Мин санаабар, балыгы элбэтии, анаан уһатыы булгуччу наада.
Сарыал Колесов, «Биракчаан» медиакиин эдкора, Кустуур орто оскуолата.
Эбээн-Бытантай улууһа.