Бу күннэргэ саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүт дойдутугар Уус Алдаҥҥа сылдьан, суруйааччы туһунан элбэҕи биллим.
Иван Мигалкин — үрүҥ санаалаах поэт. Биһиги куораттан Бороҕоҥҥо айанныырбытыгар сир хара этэ. Онтон Иван Мигалкин дойдутугар Бороҕоҥҥо кэлбиппитигэр сир барыта хаарынан бүрүллэн, сып-сырдык этэ.
Иван Васильевич оҕолорго анаан олус элбэх хоһооннору, остуоруйалары суруйбут. Сүрэҕин сылааһын барытын оҕолорго анаабыт эбит.
Онтон биһиги оҕолор киниэхэ махтанан, доҕотторбутугар Иван Мигалкин туһунан элбэхтик кэпсиэхтээхпит эбит диэн толкуйдаатым.
Иван Васильевич Уус Алдаҥҥа Мүрү алааһыгар Бороҕоҥҥо төрөөбүт. 1967 сыллаахтан бастакы хоһооннорун суруйан саҕалаабыт. 1976 сыллаахха «Ньургуhуннаах сурук» диэн бастакы кинигэтин таһаарбыта. Ол кэнниттэн 20-чэ сыл буолан «Сүрэҕим кистэлэ» диэн иккис кинигэтин таһаарбыт. Салгыы Суруйааччылар сойуустарыгар киирбит.
Москва куоракка Горькай аатынан Литературнай институкка үөрэнэ сылдьан дипломнай үлэтин бастакы кинигэтинэн көмүскээбит.
Иван Васильевич улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕата Василий Николаевич Мигалкин, ийэтэ Екатерина Ивановна. Бииргэ төрөөбүт 12-лэр: 5 кыыс, 7 уол.
Иван Мигалкин саха суруйааччыларын туһунан ахтыылары суруйан, кинилэри үйэтиппит. 50-тан тахса кинигэлээх.
Иван Васильевич коллекционер быһыытынан биллэр. Аан бастаан открыткалары мунньан саҕалаабыт. Ол кэнниттэн мэтээллэри, харчылары, уордьаннары, значоктары мунньубут.
Аан бастаан бэчээттэммит хоһооно — «Ахтыаҕым буойуннары».
Иван Мигалкин оҕо сааһын биир умнуллубат түгэнэ — «Артек» лааҕыр. Кини оччолорго 13 саастааҕа. Г.В. Егоров аатынан Мүрү орто оскуолатын 6-с кылааһын бүтэрбит. Ити 1967 сыллаахха эбит. «Артек» лааҕырга сылдьан бастакы космонавт Юрий Гагарины кытта көрсүбүт.
Мин маны барытын Чараҥҥа баар Кулантай аатынан музей-комплекса сылдьан биллим.
Алеся НИКОЛАЕВА, VIII “Г» кылаас, Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолата