Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ эһээлэрин эбээлэрин, ол эбэтэр сорох дьоҥҥо ийэлэрин, аҕаларын таарыйбыт улахан сэрии буолар. Биһиги дойдубутугар, өбүгэлэрбит барахсаттар, биһиги эйэлээх халлааммыт иһин, элбэх эрэйи-муҥу көрбүт кырыктаах кыргыһыыны, олоҕу-дьаһаҕы аастылар.
Аҕа дойду улуу сэриитэ — история биир дьулаан кэрдииһэ биһиги хос эһээбитин уонна хос эбээбитин таарыйбыта. Сорох дьон эйэлээх олоххо диэри олорботохторо, кыргыһыы хонуутуттан төннүбэтэхтэрэ, хоргуйан, тоҥон өлбүттэрэ. Сэриигэ сэриилэспит уонна тыылга кыайыыны ситиспит дьон биһиэхэ сүҥкэн өйү-санааны, муҥура суох ытыктабылы көрдөрбүттэрэ. Ыам ыйын тохсус күнүгэр дойдубут Улуу Кыайыы күнүн бэлиэтиир. Ол күн 1945 сыллаахха дьон үөрүүтүттэн элбэх харах уута тохтубута.
Биһиги дьиэ кэргэн династияларыгар Ийэ дойду героическай сулууспатын араас холобурдара элбэхтэр. Өбүгэлэрим дьылҕаларын үөрэтэн, мин дьиэ кэргэним историята дойдум историятыттан быһаччы тутулуктаах диэн түмүккэ кэллим.
Улуу Кыайыы бэтэрээнэ – мин хос эһээм
Мин дьиэ кэргэммэр Кыайыы күнүн көрсүү саамай үөрүүлээх бырааһынньык. Эһэбитин дьон бары биһиги көҥүлбүтүн, эйэни бэлэхтээбит киһи диэн ахталлар.
Бэс ыйын 22 күнүгэр 1941 сыллаахха улахан сэрии саҕаламмыта. Бу сэрии билигин «сэрии бэтэрээннэрэ» диэн ааттанар дьон олохторун-дьаһахтарын историятын оҥорбута.
Мин хос эһэм Спиридонов Василий Петрович, эһэм аҕата. Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх. 1943 сыллаахха Кыһыл Армия кэккэтигэр киирэн, 2-с Украинскай фронт 41 гвардейскай кавалериятын полкатыгар тохсунньу ыйтан 1945 сыллаахха диэри Австрияҕа сэриилэспитэ, оттон Австрия Альпаларыгар хорсуннук киирсибитэ. Кимэн киирии кэмигэр Вена киинэ босхоломмута.
Мин хос эһэм Василий Петрович Спиридонов элбэх мэтээллэринэн, наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. Сырдык тыына 2003 с. Верхоянскай улууһугар быстыбыта. Хос эһэбэр улахан Махталбын тиэрдэбин!
Дьулус Кривошапкин,
С.П. Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээчитэ.
keskil14.ru