Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Саха АССР үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Мэҥэ Хаҥалас, Нөөрүктээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Василий Николаевич Оконешников паамытынньыгын арыйар үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Паамытынньык ааптардара архитектор, дизайнер, Нөөрүктээйи нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, В.Н. Оконешников үөрэнээччитэ Сергей Иннокентьевич Лукин уонна биллиилээх скульптор, Арассыыйа худуоһунньуктарын чилиэнэ Павел Иннокентьевич Чампин. Олохтоох нэһилиэнньэ, выпускникта көҕүлээһиннэринэн үп-харчы хомуллан паамытынньык күн сирин көрдө.
Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Василий Николаевич дьиэ кэргэнэ, нэһилиэк олохтоохторо, ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыыны ыллылар.
Оскуолабытыгар Василий Николаевич үлэтин-хамнаһын кэпсиир, улахан быыстапка турда. Үүнэн эрэр көлүөнэҕэ учууталбыт уобараһа оскуолабыт, нэһилиэкпит историятын үйэлэргэ кэрэһэлиир өйдөбүнньүк, иитэр-үөрэтэр өйдөбүлэ, обществаны түмэр күүһэ күнтэн күн улаатан иһиэҕэ.
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ.