Ыраах хоту Эдьигээн улууһугар олорор 91 саастаах ытык кырдьаҕас, тыыл бэтэрээнэ Евдокия Ивановна Константинова Михаил Ефимович Николаев төрөппүттэрин, убайын уонна кинини бэйэтин чугастык билэр.
2023 сыл ахсынньы ыйга “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата “Бастакылар хамсааһыннарын” кытта Эдьигээн улууһугар тэрийэн ыыппыт Арктическай десант кэмигэр ыччат дьоҥҥо анаан Михаил Ефимович Николаев туһунан суруйбут ахтыытын анаан туттарбыта.
Бүгүн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсэдьиэнэ Михаил Ефимович Николаев биһиги кэккэбититтэн туораабыта биир сылыгар сүдү салайааччыбыт Эдьигээн диэн үтүө сири кытта туох ситимнээҕин ытык киһи ахтыытын нөҥүө ааҕыаххайыҥ, ахтан-санаан ааһыаххайыҥ.
***
Өлбүт, тыыннаах барыта кэриэстэниллиэхтээх, аата-суола харыстаныахтаах. Киһини киһи үйэтитиэхтээх диэн төрүттэрим эбэҥкилэртэн кэлэр, хаһан да сүппэт, симэлийбэт гына эккэ-хааҥҥа кытаанахтык иҥэн сылдьар үөрэхтээхпит. Оннук өйдөбүлтэн таһааран, Сахабыт сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев туһунан хайдах өйдүүрбүнэн дьоммор-сэргэбэр, эдэр ыччаттарбытыгар анаан ахтыы суруйан хаалларабын.
Михаил Ефимович олох кыратыгар аҕата Ефим Федорович уонна ийэтэ Мария Михайловна оҕолорун туппутунан Эдьигээҥҥэ балык соҕотуопкалааһыныгар ананан кэлэн үлэлээбиттэрэ, олорбуттара. Аҕата тымныйан ыалдьан, өрүттүбэккэ, Эдьигээҥҥэ көмүллүбүтэ. Ол Аҕа дойду Улуу сэриитин эрэ иннинэ этэ. Кэлин убайа Ефим Эдьигээҥҥэ хомсомуол үлэтигэр ананан кэлэригэр, Михаил Ефимович кинини батыһан, Эдьигээн оскуолатыгар үөрэммитэ, манна орто оскуоланы бүтэрбитэ уонна салгыы Омскайга үрдүк үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Эдьигээҥҥэ төннөн кэлэн, ветеринарынан, салгыы оройуоннааҕы хомсомуол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ уонна салгыы Дьокуускайга хомсомуол хайысхатынан үрдүк дуоһунаска ананан барбыта.
Михаил Ефимович төрөөбүт Хаҥалаһын кэнниттэн, Эдьигээни иккис төрөөбүт дойдум диэн билинэрэ, таптыыра, олоҕун устатын тухары ситимин быспатаҕа. Бу орто дойдуттан аттаныар диэри оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторун, бииргэ үлэлээбит табаарыстарын, аҕа саастаах дьонун кытта билсэ-көрсө турбута.
Быыс буллар эрэ, таптыыр Эдьигээнигэр тиийэн, үс үөстээх Өлүөнэ эбэтин кытылын, хомотун, арыытын устун сылдьан, оҕо сааһын ахтылҕанын таһаарара, санаатын, толкуйун сааһылыыра, сүдү, улуу былааннары торумнуура, күүс-уох ылынара.
***
Мин Михаил Ефимовиһы 1942 сыллаахха, кини биэс саастааҕар көрбүтүм. Ийэтин Мария Михайловнаны, убайын Кими үчүгэйдик билэбин, аҕатын, эбэтин иккитэ-үстэ ыраахтан көрбүтүм. Убайа Кими кытта бииргэ үөрэнэн, кэлин 4-5 сыл бииргэ үлэлээбиппит. Михаил Ефимович миигин «убайбын кытта эгил-тэгил саастааххыт» диэн эдьиийиргиир этэ.
Ол курдук, ханнык да улахан дуоһунаска сылдьан ханна көрдө, көрүстэ да үөрэн-көтөн кэпсэтэр, кэлин арыый сааһыран баран, бириэмэ булла да, кэлэн итии үүттээх чэйбин иһэн барар этэ. Утарыта көрсөн олорон кэпсэтэр тиэмэбит аан дойду ис, тас бэлиитикэтиттэн саҕалаан, Хотугу муора суола, Арктиканы сайыннарыы, аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт норуоттар олохторун чэпчэтии, эдэр ыччаты иитии проблемата, Сахабыт сирин баайын-дуолун олохтоох дьон туһатыгар эргитии о.д.а элбэх боппуруостар тула барара. Бэйэтэ дьаныһан туран олоххо киллэриэхтээх сүдү суолталаах боппуруостары хаһан да хараҕын далыттан түһэрбэт, туппутун ыһыктыбат, ытырбытын ыыппат биир кытаанах санаалаах, туруору көнө сүнньүлээх, өһөс соҕус буолан, ылсыбытын барытын төрдүгэр тиэрдэр киһи этэ. Хаһан даҕаны бииргэ үлэлиир дьонун куһаҕаннык саҥарбат, санаабат этэ.
1993 сыллаахха аан дойду таһымнаах Хотугу норуоттар кэнгириэстэригэр, Хотугу пуорумҥа кыттан салалтаҕа талыллан, бэлиитик быһыытынан аан дойдуга рейтинэ I, II миэстэттэн түспэтин туһунан бэчээттэн ааҕан олус да үөрэр, махтанар этим. Саха киһитэ итинник үрдүк чыпчаалга тахсыбыта урут суох этэ.
1990-91 сыллар олус сэрэхтээхтик ааспыттара. Хойут ити кэнниттэн уонча сыл ааспытын кэннэ Михаил Ефимовичка бэйэтигэр ону санаппыппар: «Сорохтор сэрэйбит буолуохтаахтар. Ол саҕана мин хамаандабын кытта төһөлөөх саллыбыппытын, сүрэх хайдах тулуйбутун бэйэм да сөҕөбүн», — диэн кэбиспитэ.
Мин билигин даҕаны Михаил Ефимович курдук киһи салалтаҕа олорон, ол саҕана Сахабыт Сирэ чөл туруктаах, биир сомоҕо хаалбыта, олохпут отуора хамнаабатаҕа диэн сыаналыыбын. Ол туһунан сиэннэрбэр куруук кэпсиибин. Мин орто эрэ үөрэхтээх киһи хомсомуол, баартыйа хараҕын далыгар киирэн, уопуттаах дьон көмөлөрүнэн үлэ араас көрүҥэр эриллэн, барыта 56 сыл туох да эҥкилэ суох тэрийэр-салайар үлэҕэ сыралаһан кэллим. Бастаан убайын Ким Николаевы, онтон Михаил Николаевы бэйэтин кытта баартыйа ыытар бэлиитикэтин, соруктарын олоххо киллэрэн, оройуон экономикатын сайыннарар иһин үлэлээн аастахпыт дии.
Ити курдук, бырааттыы Николаевтар аҕалара үлэлээбит, хараллан сытар сиригэр – Эдьигээҥҥэ ордук тартаран кэлэ бара сылдьар этилэр. Кэлин Михаил Ефимович Бэрэсэдьиэннии да сылдьан, быыс булла да саатар 1-2 хонукка кэлэн Эдьигээнин бадараанын, Өлүөнэтин уутун киирэн кэһэ түһэн тахсар идэлээх этэ. Биир саамай сөбүлүүрэ, отууга уолаттар хоруорбут чаанньыктарын өрө охсон, итии чэйи иһэ-иһэ дьону кытта ирэ-хоро кэпсэтии.
Урукку оҕо барыта, ол иһигэр кыра Миша эмиэ өрүскэ күөгүлээн күстэх бөҕө хаптаран, итиилии үтэн, үөлэн сииллэрэ. Мин ону санаан кыра кээчэрэлэри (хатыыс кырата — эрэдээксийэттэн) талан, талах үтэһэҕэ үөлэн итиилии “оҕо эрдэҕинээҕи аскын амсай” диэн биэрбиппин, онно баар дьон бары үөрэ-көтө сиэн махтаммыттара. Мин санаабар, Михаил Ефимович улахан байанайдаах киһи этэ. Эдьигээҥҥэ баар табаарыстара билэр буолуохтаахтар. Мин быраатым Анатолий Егорович Константинов «Надежда» родовой общинатыгар хаста да кэлэ сылдьыбыта.
Биирдэ, учаастактары кэрийэ ааһан иһэн, Михаил Ефимович хамаандата хас да буолан тыалга хаайтаран, Өлүөнэҕэ түһэр Мэҥкэрэ үрэх төрдүгэр, «Надежда» общинаҕа кэлэн 2-3 хоммуттара. Сонун-нуомас бөҕөнү аҕалбыттара. Өрүскэ киһи киириэх буолбатах этэ, долгун “маҥхатан” олороро. Онно Михаил Ефимович Анатолий ууга сылдьа үөрүйэҕин уруккуттан билэр буолан: «Эн биһикки иккиэн эрэ, кими да ылбакка кытылынан биирдэ түһэн көрбөппүт дуо?», – диэн тыл көтөхпүтүгэр, Толя аккаастыан сүөдүргээн: «Чэ, боруобалыах даҕаны, куһаҕан буоллаҕына кытылы былдьаһыахпыт», – диэн сөбүлэспит. Толя муҥхалаах оҥочоҕо соҕотоҕун, Михаил Ефимович кытылынан бэчимэ тардар. Соһуллан иһэр муҥха ыарахана диэн сүр буоллаҕа – биһиги киһини ууга соһон киллэрэн оһол тахсыа диэн саллыы бөҕө. Толя мотуору собуоттаатын кытта, Михаил долгуҥҥа саба ыстара-ыстара, санныгар кэппит бэчимэтин туох иһин ыыппакка, икки атаҕынан кытаанахтык тэбинэн турар. Дьэ, итинник эбэ долгунун, айылҕаны кытта дьирээлэһэн, балтараа-икки чааһынан муҥха тахсар сиригэр кэллилэр. Биһиги бары кытылынан, тэйиччиттэн батыһан иһэбит. Онтон муҥха ийэтэ чугаһаан, долгун быыһынан көстөр буолла, ону кытта соторунан, кутурук, лапчаан өрө ыгыллан олорор, ийэни өрө тардан оҥочоҕо сүөкээтилэр – эбэбит туох баар үчүгэй, бөдөҥ хатыыһа, тууччаҕа, муксууна, чыыра барыта кэлбит. Михаил Ефимович итини күүппэтэх быһыылаах, туох да саҥата суох, сөҕөн көрөн турдаҕына: «Эбэҥ эйиигин, оҕотун хаһан да умнубат гына маанылаата»,-диэбиппэр мичээрдээн эрэ кэбиспитэ. Ити түбэлтэ сырай кумахха этэ. Иккис күн эмиэ тыаллаах буолан, аны үөс нөҥүө сэрэнэн тахсан, Мэҥкэрэ метеостанциятын өтөҕөр куйаабылынан сугун охсуута буолла. Биир куйаабылы Михаил Ефимович, иккиһи кэлии хоноһобутугар, үсүһү мин ылан охсо бардыбыт. Балтараа чаас буолан баран Михаил Ефимович биэдэрэтин толорон элээрдэн кэллэ, ыалдьыппыт нэһиилэ икки курууска, мин биэдэрэ аҥарын да кыайбатым. Киһибит Бэрэсидьиэн сугуннуура буолуо диэбэтэх, сөҕүү-махтайыы бөҕө. Мин саатар: «Биһиги, эбэҥкилэр, итинник дьоммут, Михаил Ефимович эмиэ эбэҥки аҥардаах», – диэбиппэр күлүү бөҕө. Онтон дүлүҥҥэ олорон, тиэрмэстэн чэй иһэн эрдэхпитинэ, утары турар улахан бөдөҥ мастарга үс сүүнэ улахан хара улар түһэн, биһигини балачча уһуннук үөһэттэн одуулаан олорбуттара эмиэ дьикти көстүү этэ. Ити саҕана биһиги бары даҕаны сааһыра барбыт 60-70 саастаах дьон этибит. Онтон ыла мин Михаил Ефимовиһы Айыы тойон таҥара араҥаччылыыр эбит диэн санааҕа кэлбитим.
Бэйэтэ аһыныгас санаалаах, кыаммат, элбэх оҕолоох, ыарыһах дьон олоҕун өйдүүрэ.1996 сылга оҕолорум, сиэннэрим кыра эрдэхтэринэ, бэйэм ыалдьа сырыттахпына, кэргэним өлөн хаалан соҕотох эргийэн хаалбыппар, көрө сатаан аһынан: «Сөптөөҕүн 60-ча сыл үлэлээтиҥ, эмтэнэ, сиэннэргин үөрэтэ куоракка тиийэн олор, биир хостоох дьиэлэн, буларгар көмөлөһүөм», — диэн уопсай мунньах саҕана эппитигэр соһуйан-өмүрэн махтанан баран: «Михаил Ефимович, мин эйиигин илэ өйбүнэн хаһан да дьон саҥатыгар уган биэриэм суоҕа, хайдах эмэ тардыһан аматыйабын ини, оҕолор да сотору улаатыахтара», – диэччи буоллум. Онно нөҥүө күнүгэр Филипп Охлопков диэн бырабыыталыстыба үлэһитэ, саастаах киһи: “Үлэлээбитим устатыгар бэрэсидьиэн көмөтүттэн аккаастанар киһини саҥа көрдүм», – диэбитигэр, Михаил Ефимович: «Иккис дойдум дьоно итинниктэр», – диэн кэбиспитэ.
Саха сирин ким үллэстиэн баҕарбатаҕай? Ити саҕана Михаил Ефимовиһы быыбарга киллэрбиттэрин истэн, 70 саастаах эмээхсин бэйэм баҕабынан Николаев ыстааба диэн чахчы муос-таас курдук эрэнэр, уопуттаах дьону кэпсэтэн, туох да үгүс айдаана суох үлэлээн барбыппыт. Бары үлэҕэ уопуттаах, 9 киһиттэн 5 киһи урут дьокутааттаабыт, сэбиэт бэрэссэдээтэллээбит дьон этилэр. Быһата күүстээх хамаанда этэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка иккитэ баран консультация, аҕытаассыйалыыр матырыйаал ылбытым. Биир ый иһигэр нэһилиэктэри үстэ кэрийбиппит. Олохтоох тэрилтэлэргэ, ыалларга хас күн аайы сылдьар этибит. Быыбар хайдах ааһарын, тугу тосхойуоҕун билэргэ нэдиэлэ аайы ыйытык оҥорор этибит. Маҥнайгыга Николаев иһин 69 %, иккискэ 89%, үһүс ыйытыкка хайаан да 95-98 % тиэрдэр соруктаах үлэлии сылдьабыт. Ыстаапка чахчы бэйэм итэҕэйэр дьонум: Васильева Клара Зосимовна, быраас – эмп үлэһиттэриттэн, Харбаев Иван Ионович – уруккута экэнэмиис, сопхуос бэтэрээнэ, Васильев Егор Тимофеевич – райпо кэлэктиибиттэн, Романова Дария Николаевна – оройуон уопсастыбаннай тэрилтэлэриттэн, Львов Степан Николаевич – мэхээник, сопхуос бэтэрээнэ, Петров А.Н. – Баахынайтан, Харитонова М.А. – Кыстатыамтан, Быскасова Е.П. – Бэстээхтэн. Нэһилиэктэринэн учаастактары үсүһүн эргийэн, үөрэн-көтөн иһэн, Баахынайга түүн кэлэн хоно сытан, сарсыарда эрдэ араадьыйанан Николаев М.Е. бэйэтин баҕатынан быыбартан туораата диэн биллэрбиттэригэр, соһуйан эрэ хааллыбыт. Тугу да гынар кыахпыт суох. Миигин «ыстааптан барытын көһөрөн, бүгүҥҥүттэн саҥа хандьыдаат Штыров В.А. ыстаабын дьаһай» диэн соруйбуттарыгар, сөбүлэммэтим, дьонум эмиэ бары аккаастаммыттар. Кэлин, ити кэнниттэн уонча сыл ааспытын кэннэ Михаил Ефимович: «Быыбарга эн үлэлээбитиҥ дуо? Сэрэйбитим ээ”, — диэн кэбиспитэ.
Төһө да ытыктаабытын иһин, бэйэтин тус олоҕун, кэргэттэрин туһунан хаһан да кэпсээччитэ суох. Арай биирдэ: «Инсульт диэн туохха да бэриммэт ыарахан ыарыы эбит, убайбын эмтэтэ сатаан кыайбатым», — диэбитигэр улаханнык хомойорун, хараастарын билбитим. Онтон биирдэ: «Сиэн өлүүтэ олус да охсуулаах буолар эбит», — диэн турардаах.
Билигин мин Михаил Ефимович курдук киһи аны төрүүрэ дуу, суоҕа дуу диэн таайа сатыыбын да, тугу да тобула иликпин. Кырдьыга саарбахтыыбын да диэххэ сөп.
Мин Сахабыт сирин үлэһит дьоно маҥнайгы суол солооччуну, бастакы Бэрэсэдьиэни Михаил Ефимовиһы хаһан да умнуохтара суоҕа, төрөөбүт дойдубутугар оҥорбут үтүөтүгэр махтана сылдьыахтара диэн эрэнэбин.
Евдокия Ивановна КОНСТАНТИНОВА,
тыыл бэтэрээнэ, Эдьигээн төрүт олохтооҕо
2023 с.