Көрсүһүүгэ Эдуард Гаврильев, Намина Ворогушина, Мария Иванова, Татьяна Чьямова кыттыыны ыллылар. Кинилэр 1996 сыллаахха оонньуулар дневниктэрин оҥорбуттар эбит.
Билигин кинилэр бары даҕаны бэйэлэрин хайысхаларыгар үрдүк ситиһиилэрдээх, баай уопуттаах биллэр-көстөр дьон. Ыалдьыттар оҕолорго журналист сатабыла кинилэр олохторугар тугу туһалаабытын сэргэхтик кэпсээтилэр, оччотооҕу кэм тележурналистиката билиҥҥиттэн туох уратылааҕын ырыттылар. Юнкордар үгүс ыйытыы биэрдилэр, интервью ыларга киһини хайдах саҥардар ньымаларын, урукку эдэр кэрэспэдьиэннэр оонньуу усталларыгар туох ыарахаттары көрсүбүттэрин, өйдөрүгэр-санааларыгар хатаммыт көрүдьүөс да, хомолтолоох да түгэннэрин сэргээтилэр.
Эдуард Гаврильев – бүтүн Россияҕа биллибит киэҥ хабааннаах дьарыктаах медийнай киһи көрсүһүүнү олус сэргэхситэн, кыбыста да олорбуту саҥардан, күллэрэн барда. 1996 сыллааҕы эдэр кэрэспэдьиэннэр истиҥ кэпсээннэрэ, сүбэлэрэ, билиҥҥи олохторун холобура оҕолорго чахчы да бары өттүнэн туһалааҕы дьарыктана сылдьалларын бигэргэттэ, салгыы бу хайысханы тутуһуон баҕалаахтар санааларын бөҕөргөттө.
«Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньууларын пресс-киинэ