Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Васильевич Местников суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр Олоҥхо ыһыаҕын суолтатын туһунан ыйыталастым.
– Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн көрүүтэ – улуус киинигэр ыытыллар. Олоҥхо ыһыаҕар сөп түбэһэр түһүлгэ тэриллэр. Олоҥхобут ыһыаҕар саха норуотун култууратын бары көрүҥэ барыта түмүллэр: оһуохай, тойук, алгыс, дэгэрэн ырыата, чабырҕах, саха таҥаһа, саха атын симэҕэ, саха уус-уран оҥоһуктара, саха төрүт аһа. Биһиги култуурабыт кылаан үрдүк чыпчаала буолан, барыта түмүллэн, дьон-сэргэ көрүүтүгэр-истиитигэр тахсар. Омук быһыытынан тирэхтээх буоларбытыгар ол олус улахан суолталаах. Үүнэр көлүөнэ ыһыах тыынын иҥэринэн улаатарын, биһиги култуурабыт үйэттэн үйэҕэ бэриллэ турарын ситиһэбит. Эһиги Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтигэр сылдьаҥҥыт олоҥхоһуттары кытта алтыһаҥҥыт, олоҥхону истэҥҥит, оһуохай кыттыһан, алгыһы иҥэринэҥҥит куккут-сүргүт бөҕөрүгүүр, норуот үтүө үгэстэрин билэ-көрө улаатаҕыт.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас,
А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас