Бэс ыйын 8-12 күннэригэр биһиги оскуолабыт уолаттара Өнньүөс – Амма хайысханан оҥочонон айаннаан кэллилэр. Бу айан оскуолабыт дириэктэрэ Гаврил Дмитриевич Захаров, “Чыпчаал” спортивнай кулууп салайааччыта, тренер Александр Александрович Ларионов көҕүлээһиннэринэн Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананна.
Уолаттар Амма өрүһүнэн 90 км айаннаатылар. Бу тэрээһиҥҥэ VIII, XI кылаас уолаттара Баир Ларионов, Вова Соловьев, Дима Захаров, Коля Дмитриев, Степа Степанов, Богдан Бубякин кыттыыны ыллылар. Уолаттар Амма кэрэ айылҕатын көрөн, үөрэтэн, ыраас уутугар сөтүөлээн, балыктаан, оҥочонон эрдэн устан кэллилэр.
Вова Соловьев бу сырыытын туһунан маннык кэпсиир:
– Биһиги бастакы күммүтүгэр Эмистэн массыынанан айаннаан, Өнньүөскэ тиийбиппит. Амма өрүскэ спининг быраҕан балыктаабыппыт. Маннык көрүҥүнэн балык хаптарар олус интэриэһинэй эбит.
Өнньүөскэ хонон туран баран, Болугурга диэри өрүһүнэн 50 км эрдэн устубуппут. Турбазаҕа кэлэн тохтоон, хоммуппут. Дьон сынньанарыгар сөптөөх барыта баар, онноооҕор батут кытта баар эбит. Үһүс күммүтүгэр Болугуртан Покровкаҕа диэри устубуппут.
Тыаллаах күн буолан эрдэргэ ыарахан этэ. Илиим барыта чэр буолбута. Устан иһэн кус арааһын, урут хаһан да көрбөтөх сордоҥ балыгы көрбүтүм. Аммабыт айылҕата олус да кыраһыабай эбит.
Этэллэрин курдук, киһи дууһалыын сынньанар сирэ. Бэйэм олус элбэххэ үөрэнэн, билэн кэллим, онтукам кэлин олохпор олус туһалыа дии саныыбын. Гаврил Дмитриевич, Александр Александрович сүбэлээн-амалаан, ыарахаттары тулуйарга үөрэттилэр”.
Ити курдук уолаттарбыт төрөөбүт дойдуга ытыктабыллаах сыһыаҥҥа иитиллэн, үлэ, булт суолтатын, сиэри-туому биллэн кэллилэр.
Алёна ГАВРИЛЬЕВА, VII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма