Боронук оскуолатын V кылааһын (сал. Р.С. Слепцова) үөрэнээччилэрэ Сибиинньэ сылыгар төрөөбүттэр. Оскуолаларын харыйатын бэйэлэрэ оҥорбут оонньуурдарынан симээтилэр. Ол туһунан кэпсииллэр.
***
Эбэм Галина Михайловналыын баатанан хаар киһини оҥорбуппут. Мин муннун, хараҕын кырааскалаабытым. Кулгаах хастар палочкалары килиэйдээн, лабааларын кумааҕынан сыһыаран, аттыгар 2 харыйаны туруорбуппут. Итини барытын диискэҕэ уурбуппут. Санаабар, наһаа үчүгэй дьүһүйүү буолла.
Алеша Ефимов.
Мин плюшевай оонньуурдары сөбүлүүр буоламмын, кэлэр сыл бэлиэтин – сибиинньэни — оруосабай таҥастан тиктим.
Наташа СТЕПАНОВА.
Мин оҥоһугум — ыт. Дружок диэн ааттатым. Ыт сыла ааһан эрэр. Ол иһин Дружок илиитин үөһэ уунан быраһаайдаһар.
Максим ДРУГИН.
Ийэм Сардаана Иннокентьевна диэн. Кинилиин Күндүйэ диэн чыычааҕы оҥордубут. Онуоха биһиэхэ наада: хара хордуон, килиэй, кыһыл, хара, маҥан, кылабачыгас өҥнөөх баайар сап.
Оксана АММОСОВА.
Саҥа дьыллааҕы «Свинка-чудо» оҥоһукпун ийэм Валентина Иннокентьевналыын оҥордубут.
Бу оҥоһукка туттуллар: саарык, тиэстэ, гуашь, “Киндер” хаҕа, хаһыат, А4 кумааҕы, кыптыый, сап уонна иннэ.
Бастаан саарыгы үрэбит уонна тиэстэнэн хаһыаты быыс-арыт көстүбэт гына килиэйдиибит (папье-маше). Оннук биир-икки хонук хатаран баран, А4 кумааҕынан маҥан гына сыһыарабыт.
Тэтэркэй өҥүнэн кырааскалыыбыт, сирэйдиибит уонна харахтыыбыт. Онтон “Киндер” хаҕын кырыйан, кулгаах, мурун, кутурук оҥоробут.
Лена ЗАБОРОВСКАЯ.
Мин Саҥа дьыллааҕы оҥоһукпар ийэм Светлана Сергеевналыын харыйа тигэн оҥоруохтаахпыт.
Харыйабытын таҥастан кырыйан тигэбит. Иһигэр баата симэбит. Тимэҕинэн киэргэтэбит, анныгар баанчык кэтэрдэбит, оройугар кыра сулус уурабыт. Оччотугар плюшевай оонньуур курдук харыйа буолар.
Ливия ДРУГИНА.
Мин Сибиинньэ сылыгар төрөөбүтүм. Ол иһин ийэм Василина Васильевнаны кытта пластик бытыылканы кырыйан, бэйэтэ сыстар өҥнөөх кумааҕыны туһанан, сибиинньэ оҥордубут.
Сибиинньэм тирэхтээх буоллун диэн, иһигэр оҕуруо уган биэрдим.
Маша МОРДОВСКАЯ.
Бэҕэһээ мин ийэбэр эппитим:
—Ийээ, Верхоянскай куораттан убаҕас силими ылан кэлиэҥ дуо?—диэн.
Киэһэ ийэм саарык уонна килиэй аҕалбыта. Силими иһиккэ кутан, суон сабы онно булкуйан баран, үрүллүбүт саарыкка эрийэн кэбистибит.
Килиэйэ үчүгэйдик хаппытын кэннэ, саарыгын тэһэҕин. Оччого сабын саарыгын быһыытын ылынан, төкүнүк буолар. Наһаа үчүгэй харыйа оонньуура баар буоллаҕа ити.
Слава ДРУГИН.
1
биьи озолорбут маладьыастар,активистар