Суруйааччы Иван Васильевич Мигалкины II кылааска үөрэнэ сылдьан билбитим. Ол кэмҥэ ыраах Эдьигээҥҥэ олорор этибит. Кини биһиги хоту сирбитигэр ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбыта.
Мин ол кэмҥэ балыыһаҕа сыппытым. Арай Иван Васильевич кинигэ, дьаабылыка кэһиилээх балыыһаҕа тиийэн кэлбитэ. Миигин кытта билсибитэ.
Ол кэми олох умнубаппын. Иван Васильевич дьаабылыкатын курдук минньигэс дьаабылыканы өссө сии иликпин.
Хата, үтүөрэн балыыһаттан тахсыбытым. Онон кинини кытта көрсүһүүлэргэ сылдьыбытым. Оскуолаҕа кэлэ сылдьан хоһоон бөҕөтө аахпыта, коллекцияларын туһунан кэпсээбитэ. Онон мин саха литературатын уруогар үөрэтэр суруйааччыбын дьиҥнээхтик көрбүтүм, өссө киниттэн кэһии туппутум диэн киэн тутта саныыбын.
Үһүс дуу, төрдүс дуу кылааска үөрэнэ сылдьан, Иван Мигалкин “Сардааналаах кыысчаан” диэн кинигэтэ сиргэ сытарын булан ылбытым. «Хайдах маннык быраҕан кэбиспиттэрий» диэн наһаа соһуйбутум уонна хоонньубар уктан дьиэбэр илдьэ барбытым. Дьоммор көрдөрбүтүм. “Сардааналаах кыысчааны” сөбүлээн аахпытым, остуолбар наар уура сылдьан көрөр этим. Бу туһунан дьонум Иван Васильевичка кэпсээбиттэригэр наһаа уйадыйбыт, үөрбүт. Көрүстэҕин аайы миигин ыйытар уонна ити түгэни саныыр эбит.
Билигин улаатан баран, суруйааччыны долгуппут, үөрдүбүт эбиппин дии саныыбын уонна чэпчээн хаалбыт курдук буолабын. Иван Мигалкин “Сардааналаах кыысчаан” кинигэтэ ити курдук миэхэ олус улахан суолталаах.
Айхал МАТВЕЕВ, XI “В” кылаас, 17 №-дээх оскуола, Дьокуускай