Киhи бу орто дойдуга өбүгэлэрин олохторун салҕыыр, ийэ-аҕа ууhун тэнитэр аналлаах төрүүр.
Бүгүн мин сырдатар киһим Нөөрүктээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, 30-тан тахса сыл сылгыһытынан үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Оконешников Иннокентий Иннокентьевич.
– Иннокентий Иннокентьевич, кылгастык бэйэн тускунан билиһиннэр эрэ.
– Мин 1986 сыллаахтан армияҕа сулууспалаан кэлэн баран, Ленин аатынан совхоз Михаил Егоров аатынан отделениятыгар сылгыһытынан убайым Оконешников Александр Федорович биригээдэтигэр үлэҕэ киирбитим. Мин оҕо эрдэхпиттэн сылгыһыт үлэтин көрөн, истэн улааппытым. Аҕам Оконешников Иннокентий Федорович, абаҕам Оконешников Федор Федорович урукку кэмҥэ сылгыһытынан үлэлээн-хамсаан ааспыттара.
– Сылгыһыт хайдах киһи буолуохтааҕый?
– Биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан сылгыны Дьөһөгөй оҕото диэн ааттыыллара. Саха итэҕэлинэн Дьөһөгөй диэн сылгыны үөскэтэр, араҥаччылыыр Айыы буолар. Онон сылгы айылҕаны кытта ыкса сибээстээх, айылҕаттан улахан тутулуктаах. Дьыл дьылтан биллэн турар уратылаах. Онон сылгыны көрүү-харайыы уратылардаах буолар. Хас биирдии үөр таптаан тохтуур сирдээх, үрэхтээх, алаастаах, ыырдаах буолар. Сылгыһыт сылгыны дьүһүнүнэн эрэ араарар буолуо суохтаах. Кини суолу-ииһи, сири-дойдуну, дьону-сэрэгэни уонна сылгы майгытын олох үчүгэйдик билиэхтээх. Дьөһөгөйүн оҕотун курдук айылҕаны кытта ыкса сибээстээх тымныыттан, хаартан, ардахтан, тыалтан толлубат тулуурдаах хорсун киһи дии саныыбын.
– Идэҕитин билигин ким утумнууруй?
– Мин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсарбар үлэбин улахан уолум Оконешников Марк Иннокентьевич тутан хаалбыта. Күн бүгүн дьаһынан-тэринэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарын астына көрөбүн уонна сүбэбинэн көмөлөһөбүн. Ону тэҥэ аймах бырааттарым Иван Федорович, Федор Федорович, Семен Дмитриевич, Алексей Александрович, Игорь Петрович, Павел Петрович, Егор Николаевич Оконешниковтар халыҥ аймах бары Дьөһөгөй куттаах дьон буолан удьуор ситимин быспакка өссө күүскэ салҕыы сайыннара үлэлии-хамныы сылдьалларыттан үөрэбин уонна махтанабын!
Илларионова Илона,
В.Н.Оконешников аатынан
Павловскай орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ