(экологическай остуоруйа)
Арай олорбута эбитэ үһү мунньуллубут Бөх – Сыыс. Кини олус кыраһыабайа суох көстүүлээх эбит. Саха Сирин үрдүнэн кини туһунан сурах тарҕаммыт. Дьоннор бөхтөрүн уурунаҕа, контейнерга пакеттарын, хаһыаттарын, ас тобохторун сыыһа-халты таһынан быраҕар буолбуттар. Саха Сиригэр бөх олус элбээбит уонна кэҥээбит. Хас биирдии олбуорга, дьиэҕэ, ойуурга мунньуллубут бөх-сыыс баһылыыр сирэ, кэҥээтэр кэҥээн иһэриттэн, олус киэҥ туттар буолбут. Дьон — сэргэ онно-манна кэмпиэт суутун, испит уу бытыылкаларын быраҕаллара, хааллараллара элбээбит. Ол ахсын мунньуллубут бөх-сыыс олус үөрэр.
Чугас сиргэ аптаах киһи олорбут. Биир күн Саха Сирин үрдүнэн аптаах киһи көтөн испит. Арай көрбүтэ тула өттө барыта кэмпиэт суута, кумааҕы, пластмасс ыстакааннар ыһыллыбыттар. Көрөн олус хомойбут.
Кини көмөлөһөөччүлэрин ыҥырбыт, Эрчими, Эргиһи, Эрдини. Уонна эппит: “ Көрдүгүт дуо дьоннор тугу оҥорбуттарын?! Дьэ эрэ, бэрээдэги олохтуохха”. Көмөлөһөөччүлэр хомуһуннаах киһини кытта бэрээдэк олохтуурга ылыстылар. Минньик, баһар хомноох лаппаахы, кыраабыл тутан мунньуллубут бөҕү хомуйан саҕалаатылар. Үлэ күөстүү оргуйда: “Биһиги ырааһы, бэрээдэги кытта доҕордоһобут, онтон бөх-сыыс биһиэхэ олох наадата суох” – дии дии көмөлөһөөччүлэр ырыа ыллыыллар. Мунньуллубут бөх-сыыс Эргис Саха Сирин устун иһэрин көрбүт. Эргис кинини көрөн эппит: “ Чэ эрэ, мунньуллубут бөх-сыыс мантан бар, биһигитини кытта мөккүһүмэ!”.
Мунньуллубут бөх-сыыс олус уолуйбут уонна утары хаһытаабыт: ”Өссө туох диигин, тыытан көр эрэ миигин! Баайбын –дуолбун сүтэрбэтим буолуо ээ. Ханна эрэ син биир миэстэ булуом”. Эрчим, Эргис уонна Эрдин кини диэки кытаанахтык көрдүлэр уонна минньигинэн куттаан бардылар. Кинини үтэйэн сири дойдуну босхолоотулар. Мунньуллубут бөх-сыыс баһын иһигэр бап-баллыгырас: “ Чэ, буоллун, мин да миэстэ булуом, бөх элбэх, барытын хомуйуоххут суоҕа. Өссө да дьиэлэр, олбуордар, ойуурдар бааллар, үчүгэй кэмнэри мин да көһүтүөм” дии –дии сиртэн-дойдуттан куоппут.
Аптаах киһи көмөлөһөөччүлэрэ бөҕү барытын хомуйдулар. Сир-дойду тулата ыраас буолла. Эргис уонна Эрчим мөһөөччүккэ мунньуллубут бөҕү сааһылаатылар. Онуоха Эргис эттэ: “Бу кумааҕы – бөх буотах. Кинини туспа мунньуохха наада. Киниттэн саҥа ыраас тэтэрээт уонна кинигэ оҥороллор”. Эргэ хаһыаты, сурунаалы, хортуонкалары барытын биир сиргэ кумааҕы диэн суруктаах контейнарга уктулар.
Эрчим биллэрдэ: “Тобох астарынан чыычаахтары уонна дьиэ кыыллары аһатыахха сөп. Ордуктары туспа, ас тобохторо диэн контейнерга угуохпут. Онтон таас өстүөкүлэлэри, иччитэх бутылкалары уонна таас иһиттэри өстүөкүлэ угар контейнарга ууруохпут”.
Эрдин салҕыыр: “Пластмасстан оҥоһуллубут ыстаканнаары уонна бытыылкалары быраҕыахпыт суоҕа. Кинилэртэн оҕолор араас оҥоһуктары , оонньуурдары оҥоруохтара. Айылҕаҕа бөх суох, тобох суох. Чэ эрэ, доҕоттоор, айылҕаттан үөрэниэҕиҥ!” – уонна пластик диэн суруктаах контейнерга бырахта.
Аптаах киһи көмөлөһөөччүлэрин кытта Сахабыт Сиригэр бэрээдэги, ырааһы олохтоотулар. Дьону-сэргэни Саха Сирин айылҕатын үбүн-баайын харыстыырга үөрэттэ уонна быһаарда, ырааһы, бэрээдэги олохтуурга биир эрэ сорук наада – Бөҕү ыһыма!
Ааптардар Илларион, Виталина Бродниковалар,
Салайааччы Анастасия Артемова, иитээччи, Сардаана Гаврильева, педагог — психолог,
Худуоһунньук Григорий Макаров,
«Ромашка» оҕо саада, Граф Биэрэгэ, Нам улууһа.