Сыллата өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатын үлэһиттэрэ отчуоттуур мунньахтара үгэскэ кубулуйда. Тыа сирин олохтоохторо сүөһүнү иитэргэ, үрүҥ аһы үрүлүтэргэ, халаан уу туругун, айан-сырыы суолугар, эдэр каадырдары олохтуурга онтон да атын кэккэ кыһалҕаларын тула усулуобуйаны тупсарыыга ыйытыктары биэрдилэр.
Туһааннаах министиэристибэлэртэн сиһилии хоруйу ыллылар. Барыта бэйэбититтэн тутулуктанарын өйдөөтүм. Сөптөөх докумуон оҥоһуллан, сокуоҥҥа олоҕурбут докумуон дьыаланы быһаарарын биллим. Манчаары оонньууларыгар үп көрүллэн, Ытык Күөл инфраструктурата харах үөрэн сэргиир тупсаҕай буолара күүтүллэр.
Таатта нэһилиэгин олохтоохторо бырабыыталыстыба отчуотун үчүгэйинэн сыаналаатылар.
Саша Герасимов, Таатта лиссиэйин 9 кылааһын үөрэнээччитэ, Ытык Күөл