Олунньу 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ медиа-киинигэр биллэр этноблогер, кондитер Евдокия Попова хайа баҕарар бырааһынньыгы киэргэтэр минньигэс туорт арааһын хайдах астыахха сөбүн туһунан «Минньигэс» диэн кинигэтин сүрэхтээтэ. Бу кинигэ 150 лиистээх, уу сахалыы кэпсии-кэпсии маастар-кылаас көрдөрөр видео рецептардаах. Кинигэ уратыта — барыта боростуой хас биирдии киһи олоҕор баар астан оҥоһуллар аһылыктартан турар.
«Тоҕо торт рецептэрэ диир буоллаххытына, мин бэйэм 2016 сылтан кондитер быһыытынан үлэлээбитим. 6 сыллаах опыттаах кондитербын. Бэйэм туспа клиеннардаах этим. Онтукам бу үлэлии-хамсыы сылдьар үлэм уопсайынан бурдуктан уонна кремтан саҕаламмыта диэн куруук этэбин. Бу кинигэ тордарбар бэйэм махталым буолар», — диэн Евдокия кэпсээтэ.
Сыл аҥарын торт, десерт бөҕөтүн астаан, барытын хаартыскалаан, видеоҕа устан, суругун суруйан, барытын таҥан улахан үлэни ыытта. Хаартыска уонна видео өттүтүгэр Кэрэли Кириллина үлэлэстэ. Онтон кинигэ таҥааһынын уонна аныгылыы, сааскылыы сырдык дизайнын Тимир Кириллин оҥордо.
Торт киэргэлин курдук бу кинигэ сүрүн киэргэлэ аата буолар. Бүтэһик кэмҥэ саха норуота Семен Новгородов айбыт алпабыытын күүстээхтик сөргүтэн, күннээҕи олоххо киллэрэн эрэр. Ону кытта тэҥҥэ хааман Евдокия Попова кинигэтин таһын новгородовтуу суруйан «Минньигэс» диэн тылынан ааттаата.
«Сахалыы тыллаах кинигэни дьон сэҥээрэр, төрөөбүт тылынан ордук ылынар. Ол иһин дьон: «Эн ырысыаптарыҥ наһаа өйдөнүмтүөлэр, табыллаллар», — дииллэр. Аһылыгы астыырга уопсайа 18 000 тиражтаах кинигэлэри атыылаатым.
Мин бу бырайыактарбын нууччалыы кэпсээн, Арассыыйа таһымыгар тахсыахпын сөп эрээри, ыал ийэтэ оҕолорун кытта төрөөбүт төрүт тылбытынан кэпсэтиэхтээх, бииргэ астыы үөрэтиэхтээх дии саныыбын. Ити санаабын тутуһан, дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн кинигэлэрим бары сахалыы тылынан тахсаллар. Оҕо иитиитэ, ыал олоҕо ийэттэн саҕаланар, кини дьиэ кэргэнин минньигэс астаах сандалы тула мунньар. Онон санааны сахалыы этэн, сахалыы толкуйдаан, өбүгэ үгэһин үйэтитэргэ сэмэй кылааппын киллэрэрбиттэн үөрэбин», — диир кинигэ ааптара.
Бу кини үһүс бэчээттэммит рецептэрдээх кинигэтэ буолар. Бастакы «Ийэм +мин = минньигэс ас» диэн оҕолорго анаммыт кинигэ күн сирин көрбүтэ. Иккис бэчээккэ тахсыбыт кинигэтэ «Дьэрэ, астыахха Евдокиялыын!» боулбута. Евдокия этэрин курдук бу үһүс кинигэтэ быдан халыҥ, улахан форматтах буолан таҕыста. Киһи дьарыктанан опытыран иһэрин тухары дьоҥҥо кэпсиирэ, дьону кытта үллэстэрэ элбээн иһэр.
Евдокия Попова саха тылын сөргүтэр блогердартан биир саамай улахан аудиториялаах. Төрөөбүт тылын өрө тутан сахалыы олоҕун, дьиэ кэргэн сыаннастарын, ас астааһын, бизнес туһунан блог ыытар. Куйаар ситимигэр таһааран ас астааһынын туһунан кинигэлэри, проектары атыылаан бэйэтэ «Уютно» диэн иһит маҕаһыынын арыйбыта. Евдокия хас биирдии киһи сүрэҕэ сөбүлүүр, дууһата ылынар дьарыгын буллаҕына, ону сайыннаран, үп-харчы киллэриэн сөбүн туоһулуур үтүө холобур буолар.
keskil14.ru