2019 сыллаахха биһиги оскуолабытыгар норуот поэта Иван Васильевич Мигалкин ыалдьыттаабыта. Мин оччолорго төрдүс кылааска үөрэнэрим. Учууталым Татьяна Герасимовна Неустроева этэ.
Оҕо суруйааччытыгар анаан «Чуораанчык» сурунаалга бэчээттэммит ырысыабынан минньигэс плюшка буһаран бэлэхтээбитим. Наһаа үөрбүтэ уонна: «Эн хайдах маннык толкуйдаан бэлэх оҥордуҥ?» – диэн ыйыппыта. Онтон мин кинини үөрдүөхпүн баҕарбытым туһунан эппитим.
Иван Мигалкин биһиэхэ хоһооннорун аахпыта уонна хас эмэ сыл устата муспут значоктарын коллекциятын көрдөрбүтэ. Коллекция диэн тугун онно аан бастаан көрөммүн сөхпүтүм. Уонна уруучука мунньарга санаммытым. Ол иннинэ мунньан көрө-көрө, тоҕо эрэ тохтоон хаалар этим. Ол көрсүһүү кэнниттэн күүскэ ылсыбытым.
Бастакы уруучукабын аймахтарым Дагестантан аҕалбыттара. Россия араас куораттарыттан бэлэхтээбит уруучукалара элбэх. Билигин коллекциябар 300 уруучкалаахпын. Кэлин значок, вымпел мунньан саҕалаабытым.
Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан Клим Федоров ыыппыт коллеционердар күрэхтэригэр кыттыбытым.
Мин олохпор Иван Васильевич Мигалкины көрсүбэтэҕим буоллар, коллекционер буолуом этэ дуу диэн наар толкуйдуубун. Иван Мигалкин коллекциялар харахпын умаппыта.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис, Амма