Академик Л.В. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйигэр бырайыактыыр-чинчийэр үлэ маҥнайгы миэстэҕэ турар. Аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр сонун сүүрээннэри чинчийэр уонна бырайыактыыр ньыманан лиссиэй хас биирдии учуутала үлэлиир. Үөрэх программатыгар бу барыта киирэн, хас сылын ахсын үөрэх хаачыстыбата, иитии үлэтэ тупсан иһэр.
Бырайыактыыр-чинчийэр үлэнэн 3-10 кылаас үөрэнээччилэрэ бука бары дьарыгыраллар, сылын ахсын биирдии бырайыагы көмүскүүллэр. Манна сүрүннүүр күүһү «Олоҥхоттон – сулустарга» технопарка ылар. Технопарк 2012 сылтан саҕалаан олоххо киирдэ. Технопарк иһинэн барыта 4 лаборатория үлэлиир.
«ТЕХНО» лаборатория
«Техно» лабораторияҕа математиканы, физиканы, техническэй наукалары интэриэһиргиир оҕолор дьарыктаналлар. Бу сыллар усталарыгар лаборатория иһинэн үгүс бырайыак үлэлээн, элбэх оҕону чинчийэр-бырайыактыыр үлэҕэ уһуйда.
«Старт в космос» бырайыак 2018 сылтан өрөспүүбүлүкэ куораттарын уонна улуустарын авиацияны уонна космонавтиканы интэриэһиргиир оҕолорго ананар. Бу бырайыак чэрчитинэн, олимпиада ыытыллан, барыта 1481 оҕо кыттынна. Кыайыылаахтар Амурскай уобаласка «Восточнай» космодромҥа, Москва уобалаһын Звезднай куоратыгар Космонавтары бэлэмниир Кииҥҥэ үөрэх программаларын аастылар.
Лаборатория 2016 сылтан инженернэй күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытар, манна барыта 601 оҕо кыттыыны ылла. Бу күрэхтэһиилэр хабар хайысхалара киэҥ – Космическай технологиялар, Тутуу, Саҥа матырыйааллар, Аныгы энергетика, Теплотехника, Улахан чахчылар уо.д.а. 88 оҕо араас таһымнаах научнай-практическай конференциялар кыайыылаахтара буоллулар.
«IT» лаборатория
Бу аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, информационнай технологиялары туһанан үлэлиир лаборатория буолар. Лабораторияҕа киирбит оҕолор 3Д моделированиеҕа, араас сайтары, сыһыарыылары оҥорорго, проргаммирование тылынан программалары айарга, оҥорорго үөрэнэллэр, араас таһымнаах күрэхтэргэ кытталар.
Лиссиэй лабораторията улуустааҕы «WorldSkills Russia» – эдэр профессионаллар хамсааһын координатора.
2012 сылтан саҕалаан лабораторияҕа барыта 487 оҕо кыттынна.Олортон 168 үөрэнээччи улуус, өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ, научнай-практическай конференцияларга кыайыылаах аатын сүктүлэр.
«АДОНИС» лаборатория
Адонис лаборатория быһаччы М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ЕНИ уонна ИМИЗ СОР РАН, ИПЭС, ЯНИИСХА научнай сотрудниктарын кытта ыкса сибээстэһэн үлэлиир.
Лаборатория иитиллээччилэрэ төрөөбүт түөлбэлэрин, Амма улууһун билиҥҥи экологическай туругун, уларыйыытын уонна кэлиҥҥи кэмҥэ хайдах буолуоҕун ырыҥалаан, чинчийэн көрөллөр. Сайыннары, кыһыннары араас хабааннаах экспедицияларга сылдьаллар. Экспедиция ахсаан 17 тиийдэ.
Адонис лабораторияҕа 2007 сылтан саҕалаан барыта 500 оҕо дьарыктанна. Олортон 640 төгүл оҕолор улуус, өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах научнай-практическай конференцияларга кыайан, оскуолаларын аатын ааттаттылар.
«АРТ-ЛИК» лаборатория
АРТ-Лик лаборатория Саха республикатыгар олорор үгүс ахсааннаах омуктар культураларын, историяларын, сиэрдэрин-туомнарын, духовнай баайдарын харыстыыр, хаҥатар уонна сөргүтэр, гражданскай-патриотическай иитиини күүһүрдэр сыаллаах үлэлиир. Лаборатория иһинэн сүрүннээн 5 бырайыагы хабар: «Айар мастарскыай», «Бэйэҥ кыраайгын бил, үөрэт, таптаа», “«Тыл, култуура, ааҕыы», «Алаас ааттаах, сурт кэриэстээх», «Сreative Connections».
2012 сылтан лаборатория 840 оҕону хабан үлэлээтэ. Олор истэриттэн 123 үөрэнээччи улуус, өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах научнай-практическай конференцияларга кыайыылаах буоллулар.