Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр
Быйыл олунньу 13 күнүгэр Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн Санкт-Петербург (Ленинград) Дьоруой куоракка үктэнэн туран көрүстүм. Туох санаа үөскээтэ? Киэҥ туттуу санаата! Бу биһиги Сэмэн Ноҕуруодаппыт үлэлээн-олорон ааспыт, төрөөбүт сурукпут өлбөт-сүппэт үйэлээх үлэтин оҥорбут куората. Биэс мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор улахан куоратын сахалыы толкуйгунан ылынан анааран көрдөххө, Сэмэн Ноҕуруодап нөҥүө төрөөбүт тылбыт тыына илгийэн ааһарга дылы.
Биһиги бэҕэһээ “Блокадный Ленинград” маршрутунан экскурсияҕа сырыттыбыт. Ольга Анатольевна Баскакова үлэлиир оскуолатыгар Санкт-Петербург Примоскай оройуонун С.П. Королев аатынан 58 №-дээх оскуолатыгар ыалдьыттаатыбыт. Биһигини, Чурапчы үөрэнээччилэрин олус үчүгэйдик көрүстүлэр. Дириэктэр Светлана Юрьевна бэйэтинэн арыаллаата. Оскуола космонавтика музейыгар сырыттыбыт. Оҕолору кытта көрүстүбүт https://vk.com/wall-199463452_17163
Ленинград блокадаттан букатыннаахтык босхоломмута 80 сылыгар, Ильмень кыргыһыытыгар кыттыбыт дьоммут ааттарын үйэтитэргэ анаммыт Санкт-Петербург, Новгород, Старая Русса куораттарга айаммыт салҕанар.
Дьурустаан АРТЕМЬЕВ, Х кылаас, Хадаар, Чурапчы
Санкт-Петербург, олунньу 13 күнэ 2023 с.