Кэнчээри ыччаты үлэнэн иитии бүтүн норуот, дойду саһарҕалаах сарсыҥҥытын түстүүр тыын боппуруос буолар. Ол да иһин киэҥ көрүүлээх өбүгэлэрбит оҕону тулуктаһыыга туран хаалбат, от-мас, сир-буор үлэлэриттэн толлубат, дьулуурдаах киһи гына иитиини өрө туталлара.
В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата алтыс сылын агро хайысханан таһаарыылаахтык үлэлиир. Оҕуруоттаах, фито-баардаах, хортуоппуй үүннэрэр бааһыналардаах ньиргиччи үлэлээн олорор оскуола кэллэктиибэ, сылын аайы күһүҥҥү түбүктээх үлэни күргүөмүнэн түмсүүлээхтик үмүрүтэр. Оҕуруот аһын хомуйуу, атыыга бэлэмнээһин, хортуоппуй хостооһуна, буор кууллааһын, эмтээх оту хомуйуу, куурдуу-хатарыы…Үлэ хара баһаам!
Оскуола оҕурсуу, помидор араас суортарын үүннэрэр типилииссэлэрдээх (сал. Васильева Р.П., Прокопьева О.И.). Онно араассаада буорун үөрэнээччилэр күһүҥҥүттэн саҕалаан куллууллар. Саас халлаан сылыйдар эрэ, сэҥийэлэргэ «Түннүк оҕуруотун» тэрийэн үүннэрбитинэн бараллар. Быйыл Александра Гаврильева, Галина Егорова, Марфа Семенова салайааччылаах 8-с кылаастар Маамыкаантан эһиилги оҕуруокка анаан, 100 куул ийэ буору бэлэмнээтилэр.
Лина Гоголева салайааччылаах 9 «в» кылаас үөрэнээччилэрэ типилииссэттэн 110 куул буору арассаадаҕа анаан ыллылар. Оскуола оҕуруоттаах тиэргэнигэр Анна Евсеева салайааччылаах 7 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Оҕолор оҕуруот аһын сөпкө хомуйарга, наардыырга үөрэннилэр, итиэннэ типилииссэни эһиилги сылга бэлэмнээн, отун-маһын ыраастаатылар.
Оҕуруот күһүҥҥү үлэтэ манан түмүктэммэт. Үөрэнээччилэр кылааһынан уоҕурдуу састаабын хомуйаллар. Ол курдук, 4-с кылаастар сылгы сааҕын, 6-тар – арассаада олордуутугар анаан хаппыт сэбирдэҕи туттардылар.
Оҕуруот үүннэриитинэн ыкса дьарыктанар оскуолаҕа хортуоска хостооһунун күргүөмнээх үлэтэ туспа үөрүүлээх, күүтүүлээх түгэн буолар. Сөбүлүүр учууталларгын, биир кылааска үөрэнэр доҕотторгун кытта тэҥҥэ сибиэһэй салгыҥҥа үлэлииртэн ордук туох баар буолуой! Быйыл Тураахтаах алааһын, хайыһар базатын бааһыналарыгар 10-с кылаастар быраактыкаланнылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, оскуола салалтата дойду үрдүнэн бүрүүкээбит уустук балаһыанньанан 30 куул хортуоппуйу оскуола техническэй үлэһиттэригэр итиэннэ саҥа үлэлээн эрэр эдэр учууталларга көмө быһыытынан анаата.
Күһүҥҥү үлэ биир сүрүн хайысхатынан оскуола фито-барыгар эмтээх оттору хомуйуу буолар. Быйыл Анисия Варламова салайааччылаах 9 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ Мооро алааһыттан кучу оту, кытыаны хомуйдулар, оттон 7 кылаастар лабыкта, күөх муох, сугун абаҕатын, бэс туорааҕын туттардылар. Маны таһынан, сылын аайы, кылаастар бука бары хаппыт дөлүһүөн аҕалаллар. Ону фито-бар салайааччыта Роза Петровна үөрэнээччилэри кытта дьаҥтан-дьаһахтан харыстыыр битэмииннээх утах бэлэмнээн, оҕолору 100% хабан иһэрдэллэр.
Бу курдук, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар үөрэҕэ-үлэни тэҥҥэ тутан, олоххо бэлэмнээх ыччаты иитэн таһаарыыга тиһиктээх үлэ ыытыллар.
Ааптар: Изабелла Романова, «Мэҥэбил» эдкорпост салайааччыта.