Бэс ыйын 21 күнэ – Үрүҥ Тунах Ыһыах күнэ. Ыһыахха сир-дойду уонна Үрдүк Айыыларга сүгүрүйүү, көрдөһүү, сиэр-туом тутуһуута ыытыллар. Тыйыс тымныы кыһыммытын этэҥҥэ туораан, айылҕабыт уһуктан күөх сайыҥҥа үктэммиппитинэн Айыыларга махталбыт буолар.
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола оҕолоро сайыны көрсө ыһыахтаатылар. “Алгыс баһа сыалаах” өс хоһоонугар этиллибитин курдук, ыһыах алгыһынан аһылынна. «Айылҕаана» эбээлэр түмсүүлэрэ «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин эрэллээх доҕотторо ахсыс сылын бииргэ алтыһан, хардарыта көмөлөсүһэн, ситэрсэн үгүс үтүө үлэҕэ кыттыһаллар. Ол курдук, эбээлэрбит оҕолорго алгыс ыыттылар, сахалыы сиэр-туом билиһиннэрдилэр, алаадьынан күндүлээтилэр.
Оҕолор саастарынан түөлбэлэргэ арахсан сахалыы оонньуулары оонньоотулар, сүүрэн-көтөн дуоһуйа сынньаннылар. Түһүлгэлэринэн олорон сахалыы ас амсайдылар. Оҕолор сахалыы таҥастаан-саптаах, киэргэллээх кэлэн Хадаайы толоонун толороннор, сирбит-уоппут араас кэрэ дьүһүннээх сибэккинэн киэркэйэн барыта дьүөрэлэһэн астык көстүү буолан хараҕы сымнатар, дууһаны манньытар кэрэ-мааны түгэн буолла.
Оҕолор оонньоон-көрүлээн, сахалыы сиэри-туому билиилэрин чиҥэтэн олуһун диэн астынан тарҕастылар. Улахан махталбыт «Айылҕаана» түмсүү эбээлэрбитигэр уонна оҕолорбутун кыһаллан тэрийэн ыыппыт төрөппүттэрбитигэр. Иннкитин даҕаны оҕолорбутун өссө да элбэх сонун, сэргэх тэрээһиннэр күүтэллэр.
«Сатабыл» медиа-студия, Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.