Хаҥалас улууһун А.Д. Широких аатынан Төхтүр орто оскуолатыгар 129 оҕо үөрэнэр. Үөрэнээччилэр улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымнаах тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк, ситиһиилээхтик кытталлар. Үөрэнэр кыһабыт үлэтин-хамнаһын үчүгэйдик билээри оскуолабыт дириэктэрин Георгий Ионович Игнатьевы кытта кэпсэттим.
– Үтүө күнүнэн, Георгий Ионович! Оскуола дириэктэрин күннээҕи үлэтэ хайдах ааһарый?
–– Үлэбэр 8 ч. ааһыыта кэлэбин. Күннээҕи соруктары туруоран, былааннаан саҕалыыбын. Электроннай почтаҕа кэлбит суруктары бэрэбиэркэлиибин, наардыыбын. Туох да умнуллубатын курдук, планинг диэҥҥэ сурунарбын ордоробун. Күн устата араас хабааннаах көрсүһүүлэр, төлөпүөнүнэн да, сирэй көрсөн да кэпсэтиилэр элбэх буолаллар. Аныгы үйэ сиэринэн онлайн мунньахтар эмиэ ыытыллаллар. Ону сэргэ оскуола материальнай-техническэй базата хайдаҕын, уруоктар хайдах бара туралларын көрө-истэ, үөрэнээччилэрдиин, учууталлардыын кэпсэтэ-алтыһа сылдьабын. Ону таһынан, физкультура учууталабын, онон уруоктарбын ыытабын.
– Эн тоҕо учуутал идэтин талбыккыный?
– Ийэм музыка уонна омук тылын учуутала, оттон аҕам история учуутала этэ. Онон оҕо эрдэхпиттэн бу үлэни көрөн улааппыт буолан, олохпун эмиэ бу идэни кытта сибээстээтэҕим.
– Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, ханнык предметтэри ордорор этигиний?
– Биология, физкультура, технология уруоктарын ордорор этим. Ол иһин физкультура учуутала буоларга быһаарыммытым.
– Оскуолабыт күүстээх өрүттэрэ, ситиһиилэрэ тугуй?
– ЮНЕСКО оскуолаларын ахсааныгар киирэргэ кандидат быһыытынан сылдьабыт. Ол чэрчитинэн ЮНЕСКО ыытар тэрээһиннэригэр барытыгар кыттабыт. Ону сэргэ улуус, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы, Аан дойду таһымнаах күрэхтэргэ, куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттабыт. Спорт өттүгэр үөрэнээччилэрбит мас тардыһыы, дуобат, саахымат көрүҥнэригэр ситиһиилэнэллэр. Ырыа куонкурустарыттан эмиэ кыайыы көтөллөөх кэлэн үөрдээччилэр. Предметнэй олимпиадаларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ эмиэ үчүгэй көрдөрүүлээхпит. Ол курдук, бу сааскы сынньалаҥ кэмигэр V кылаас үөрэнээччитэ Нарыйа Попова өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» түһүмэҕэр кыайан, Москваҕа научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттан кэллэ. Ону таһынан биһиги оскуола сыллата өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Виноградовскай ааҕыылары» иилээн-саҕалаан ыытабыт. Алын кылаас уонна орто сүһүөх кылаас оҕолоругар аналлаах кэмпириэнсийэ. Бу саас эмиэ буолан ааста, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 221 оҕо кыттыыны ылбыта.
– Оскуолабытыгар туох кыһалҕа баарый? Ону туоратарга туох үлэ ыытылларый?
– Материальнай-техническэй база чааһыгар кэккэ кыһалҕалар бааллар. Ол курдук уһуйаан оскуолабыт алын кылааһын өттүгэр үлэлии олорор буолан, кыараҕас. Уһуйаан туспа дьиэлэнэрэ-уоттанара буоллар, урукку курдук кабинетнай систиэмэбитин сөргүтүө этибит. Оҕо билиини хаачыстыбалаахтык, дириҥник ылынарыгар толору хааччыллыылаах кабинеттарга көһө сылдьан үөрэнэрэ наадалаах дии саныыбын.
– Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый?
– Учебнигынан хааччыллыы үчүгэй. Быйылгы үөрэх дьылыгар 800 тыһ. солкуобайга кинигэ атыылаһан үөрэнэ олоробут. Эһиилги үөрэх дьылынааҕы учебнигы эмиэ толору сакаастаан олоробут.
– Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла. Төрөппүттэри кытта туох үлэ барарый?
– Төрөппүтү кытта үлэ систиэмэлээхтик барар. Иитии үлэтэ төрөппүт, аҕа сэбиэтин кытта быһаччы ыытыллар. Төрөппүттэр оскуолаҕа чугастар. Сылын аайы «Көмүс хатырык» диэн муус аннынан балыктааһын тэрээһинэ ыытыллар. Урукку сылларга уол аҕатын кытта эбэтэр убайын кытта кыттар буоллаҕына, быйыл дьиэ кэргэн барыта кыттыан сөп диэн усулуобуйалаатыбыт. Төрөппүт, оскуола ситимнээхтик эрэ үлэлээтэхпитинэ, элбэҕи ситиһиэхпит дии саныыбын.
Виолетта ЯКОВЛЕВА, VII кылаас,
А.Д. Широких аатынан Төхтүр орто оскуолата,
Хаҥалас