«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн бэргэн этии араас ис хоһоонноох. Күһүҥҥү хомуурга араас быһыылаах оҕуруот аһа (моркуоп, хортуоппуй, помидор, о.д.а.) көстөн, киһини күллэрэрэ баар суол. Өлгөм үүнүүнү ылан, үөрүүгүттэн мичээриҥ — эмиэ «күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн». Оттон 47 куул хортуосканы хостоотоххо — икки бүк үөрүү!
Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ сайыҥҥы кэмнэрин туһалаахтык атаарбыттара. Оскуола иһинэн ыытыллар «Быйаҥ» лааҕырга сылдьан, оҕуруот аһын, үүнээйи арааһын олордон, остолобуойдарын хааччыйдылар.
Лааҕыр быйылгыттан үлэтин саҕалаабыта. Оҕо айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыанын үлэ көмөтүнэн иҥэрэр сыаллаах үлэ-хамнас барбыта. Уопсайа 2 сезоннаах лааҕырга 30 оҕо сырытта. Лааҕыр начаалынньыга – Ньургуйаана Васильевна Мохначевская, иитээччилэр –Юлия Дмитриевна Протодьяконова уонна Вера Николаевна Ноговицына.
Сайыҥҥы үлэ түмүгүнэн уопсайа 2,5 куул сүбүөкүлэ, 9 куул моркуоп уонна 47 куул хортуоска V-XI кылаас үөрэнээччилэрин, оскуола үлэһиттэрин көмөтүнэн хостонно.
Онтон бу күннэргэ оҕуруот аһын кырбыырга, теркалыырга субуотунньуктар саҕаланнылар. VII-XI кылаас кыргыттара уонна оскуола кэлэктиибин кэрэ аҥардара түмсэн, икки чаас иһигэр 81 бакыат моркуобу бэлэмнээтилэр. Аны 2 куул моркуоп уонна сүбүөкүлэ кырбанара хаалла.
Ити курдук үөрэнээччилэр туора турбакка, тэҥҥэ үлэлээн-хамнаан доруобуйаҕа туһалаах, бэйэ олордуу аһынан кыстыыр астарын булуннулар.
Александра Чагылысова, X кылаас,
«Алаҕар Кэскилэ» медиакиин,
Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолата,
Чурапчы