Эн бириэмэҥ барытыгар тиийэр дуо? Маннык ыйытыыны хас биирдиигититтэн ыйытыахпын баҕарабын. “Бириэмэм тиийбэт”, “солом суох” диир дьону киһи үгүстүк көрсөр. Ол эрээри хас биирдии күҥҥэ биһиэхэ саҥаттан саҥаны билэргэ, үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга кыах бэриллэр дии саныыбын. Онуоха бириэмэбитин сөпкө эрэ туһаныахпытын наада. Бүгүн мин бииргэ үөрэнэр үөлээннээҕим туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини биһиги кылаас үчүгэй үөрэнээччитэ, научнай үлэнэн үлүһүйэр уонна спордунан утумнаахтык дьарыктанар, үҥкүүһүт бэрдэ, биһиги оскуола бастыҥ актыбыыһа Лилия Федорова.
Лилия араас таһымнаах куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ, конференцияларга көхтөөхтүк кыттар. Онуоха кини бириэмэтэ барытыгар хайдах тиийэрэ буолуой? Ол туһунан уонна да атын сэргэх тиэмэҕэ Лилияны кытта сэргэстэһэ олорон кэпсэтэбит.
— Лилия, эйигин быйыл Хаҥалас улууһугар оҕолорго “Бастыҥ чинчийээччи” ааты ылбыккынан истиҥник эҕэрдэлиибин. Чинчийэр үлэнэн хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕыный?
— Махтал, Саша. “Инникигэ хардыы” научнай конференцияҕа республикаҕа ситиһиилээхтик кыттан, Москва куоракка ыытыллыбыт “Горизонты открытий” чинчийэр үлэлэр куонкурустарыгар иккис миэстэ буолбутум. Үлэбит аата «Выпуск книги “Дети войны” диэн ааттаах.
Сүрүн сыалбыт Улахан Ааҥҥа баар сэрии оҕолорун туһунан үөрэтии уонна кинилэр историяларын үйэтитии буолар. Биһиги “Эрэл оҕо түмсүүтэ 100 экземплярдаах “Сэрии оҕолоро” диэн кинигэни бэчээттэтэн, биһиги нэһилиэкпитигэр олорор 26 сэрии оҕотугар бэлэх быһыытынан ууммуппут. Кинигэбит күн сирин көрөн, хаһан даҕаны кинигэҕэ тахсыбатах дьон бэйэлэрин көрөн олус долгуйан, үөрэн, кинигэлэрин туппут күннэригэр махтаммыт харахтара, эппит тыллара билигин даҕаны биһиги санаабытыгар хаалбыт. Онон бырайыакпыт сыалын ситтэ диэн олус үөрэбит.
— Эн санааҕар дакылаат ааҕар туох туһалааҕый?
— Мин санаабар, чинчийэр үлэнэн дьарыктаныы киһи өйө-санаата, тыла-өһө сайдарыгар көмөлөһөр уонна билэриҥ-көрөрүҥ элбиир, санааҕын чуолкайдык, ыарырҕаппакка этэр буолаҕын. Атын оҕолору көрөн киһи эмиэ элбэххэ үөрэнэр. Наука үлэһиттэрэ эн дакылааккын истэн баран ыйытыы биэрдэхтэринэ, кылгас кэм иһигэр толкуйдуу охсон эппиэттиэххин наада. Онно эмиэ киһи бэлэм буолуохтаах. Бастаан кыттарбар олус долгуйар этим, онтон син үөрэнэн иһэбин.
— Хаһааҥҥыттан научнай үлэнэн дьарыктанан саҕалаабыккыный?
— Аан бастаан алын кылааска сылдьан, биһигини кылааспыт салайаачыта Марина Николаевна араас дакылааттары аахтаран дьарыктыыр этэ. Ол кэннэ мин улахан кылаастарга тахсан баран, 9 кылааска диэри научнай улэнэн дьарыктаммакка тохтуу сылдьыбытым. Билигин салайааччым Надежда Петровна Громова салайыытынан кыттабын.
— Биһиги билэрбитинэн, эн научнай үлэнэн эрэ буолбакка, өссө өбүгэлэр оонньууларынан дьарыгыраҕын. Эн санааҕар, бу спорт көрүҥэ киһини төһө сайыннарара буолуой?
— Биһиэхэ, сахаларга, өбүгэлэрбит оонньуулара былыргыттан баар буолан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ умнуллубакка, бу үйэҕэ тиийэн, биһигини араас өттүнэн барытынан сайыннарар уонна аралдьытар оонньууларбыт буолаллар дии саныыбын. Хабылык, хаамыска, көтөх ынаҕы туруоруу, ойбонтон уулааһын, кириэс тэбии курдук саха төрүт көрүҥнэринэн билигин республика үрдүнэн үгүс оҕо сөбүлээн дьарыктанар буолла.
Биһиги оскуолабыт физкултуураҕа учуутала Розалия Федоровна Старостина биһигини дьарыктаан, республикаҕа ыытыллыбыт “Күн оҕолоро” күрэххэ иккис миэстэ буолан, 30000 солкуобайдаах бирииһинэн наҕараадаламмыппыт.
Саха төрүт оонньууларынан дьарыктанарга ким баҕарар холонон көрүөн сөп. Киһи имигэс, тулуурдаах уонна дьулуурдаах буоларыгар көмөлөһөр дии саныыбын. Оҕолор ханнык баҕарар спорт көрүҥүн интэриэһиргээн, бэйэлэригэр чугас көрүҥү талалларыгар баҕарыам этэ.
— Лилия, санааҕын кытта үллэстибиккэр махтанабын. Эйиэхэ инникитин ситиһиилэри баҕарабын.
— Махтал!
Оҕолор, чинчийэр үлэнэн уонна спордунан дьарыктаныҥ! Чөл туруктаныҥ, чэгиэн доруобуйаланыҥ!
Александра ЛЬВОВА,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
11 кылааһын үөрэнээччитэ.