Оҕо барыта билэр, күн аайы алтыһар олус интэриэһинэй киһитэ, оскуолабыт бибилэтиэкэрэ Зоя Петровна Боппосова буолар. Кини өр кэмҥэ нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан, кылаас салайааччытынан ситиһиилээхтик үлэлээн кэллэ. Кини үөрэппит оҕолоро араас идэлээх, туруу үлэһит дьон буола үүнэллэр. Зоя Петровна «Чаҕыл кыымнар» хоһоонньут уолаттар түмсүүлэрин үлэлэтэр, «Дьэҥкир алып» айар түмсүүнү салайар, араас сонун бырайыактары ыытар. Ол курдук «Уолба ааҕар» диэн бырайыага хаһыс да сылын араас тиэмэнэн оҕолору ааҕыыга умсугутар.
Учууталбыт улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ буолар. Кэргэнэ Михаил Трофимович Боппосов норуокка биллэр уус. Кини балбааҕынан оҥорбут араас оҥоһуктарын бүтүн Арассыыйа дьоно сэҥээрэллэр. Оҕолоро төрдүөн үөрэхтээх үлэһиттэр, сорохторо ыаллар.
Бүгүн биһиги улахан педагогическай династия утумнааччыта Зоя Петровнаны кытта кэпсэтэбит.
– Үтүө күнүнэн! Бэйэҕин билиһиннэриэҥ дуо?
– Мин Зоя Петровна Боппосова диэммин. Нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталабын.
– Эн бу оскуолаҕа хаһыс сылын үлэлиигин?
– Мин бу Уолба оскуолатыгар 1981 сыллаахха ананан кэлбитим, ол аата 42 сыл үлэлээбиппин.
– Эн тоҕо учуутал идэтин талбыккыный?
– Мин учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Аҕам Петр Иннокентьевич Луковцев диэн алын сүһүөх кылаас учуутала этэ. Ол иһин куруутун учууталлар эйгэлэригэр сылдьыбытым. Оччолорго наһаа элбэх идэни билбэппит буолуо эрээри, мин эрдэттэн син биир учуутал буолуохтаахпын диэн саныыр этим. Аҕам курдук кыра оҕолору үөрэтэрим дуу эбэтэр математика учуутала буоларым дуу диэн бастаан толкуйдуур этим. Онтон биир кэмҥэ диктор буолуохпун баҕарар санаа киирэ сылдьыбыта, ол гынан баран учуутал буолар баҕа баһыйбыта. Онон нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталын идэтин талбытым.
Итиннэ бэйэтэ кыра историялаах. Кыра оҕолору кытта үлэлиир эмиэ ураты буоллаҕа дии. Алын сүһүөх кылаас учуутала диэн туспа эйгэлээх дьон. Кинилэргэ сүгүрүйэбин. Уһуйаантан саҥа кэлбит кып-кыра оҕолору ааҕарга, суруйарга, бэрээдэккэ үөрэтэр буоллахтара дии. Итини мин сатыам дуу, сатаамыам дуу диэн эмиэ толкуйдаан ылбытым.
Аны математиканы наһаа сөбүлүүр этим, ол гынан баран оччолорго математиканы уонна физиканы иккиэннэрин тэҥинэн үөрэтэҥҥин биир факультетка үөрэнэ киириэхтээх этиҥ, ону физиканы хайдах эрэ сэрэхэчийэбин.
Онтон нуучча тылын учууталын идэтин баһылыыр үөрэххэ барарбар мин оскуолаҕа наһаа үчүгэй учууталларга үөрэммитим сабыдыаллаабыт диэн саныыбын. Светлана Тимофеевна Алексеева диэн 5 кылааска үөрэппит учууталым наһаа үчүгэйдик остуоруйаны ааҕара, кэпсиирэ. Нууччалыы киһи истэ олоруох курдук саҥарара. Онтон оскуоланы бүтэрэр сылларбар Раиса Тихоновна Васильева диэн дириҥ билиилээх, оҕону кытта бэриллэр тиэмэни интэриэһиргэтэр гына кэпсэтэр, кэпсиир учууталлаах этим. Ол гынан баран үөрэнэ бараары гыммыппар, аҕам даҕаны, нуучча тылын учууталым даҕаны учуутал буолума, атын идэни тал диэбиттэрэ. Аҕам быраас буолуохпун наһаа баҕарар этэ, ол эрээри мин син биир учуутал идэтин талбытым. Благовещенскай куоракка үөрэнэ барбытым.
– Эн бу кэпсииргэр учуутал дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм диэтиҥ. Эһиги дьиэ кэргэннэ оссо учууталлар бааллар дуо?
– Интэриэһинэй ыйытыы. Биһиги аҕабыт, ити эппитим курдук, Чурапчы учительскай техникуммун бүтэрэн, учуутал идэтин ылан, 30-тан тахса сыл Туора Күөлгэ алын сүһүөх кылаастары үөрэппитэ. Ийэбит интэринээккэ үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит, мин саамай улаханнарабын. Биир балтым Матрена Петровна Рахлеева Ытык Күөлгэ алын сүһүөх кылаас учуутала. Онтон икки бырааттарым, Александр Петрович технология учууталынан 20-тэн тахса сыл уонна Петр Петрович оскуолаҕа УПМ-ҥа 10-тан тахса сыл, Туора Күөл орто оскуолатыгар үлэлээбиттэрэ. Александр Петрович кэргэнэ Күннэй Ивановна эмиэ талааннааах история учуутала, онтон Матрена Петровна кэргэнэ Леонард Федотович спортивнай оскуолаҕа тренер, оҕолору теннискэ үөрэтэр. Сиэн кийиит Анна Николаевна Слепцова Баайаҕаҕа уһуйаан кэскиллээх иитээччитэ. Ону таһынан мин оҕом, Сайыына Михайловна, историк идэлээх, эмиэ 10-ча сыл учууталынан үлэлээтэ. Матрена Петровналаах кыыстара Валентина Леонардовна билигин уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир. Онтон Александр Петровичтаах кыыстара Анна Александровна Павловскайга аҕатын удьуордаан куруһуок үлэтин салайар. Онон билигин, уопсайынан, биһиги аймахха 8 педагогтаахпыт, ону таһынан кийиттэр, күтүөттэр да бааллар. Бары саха оҕотун иитиигэ, кинилэри сайыннарыыга үлэлиилэр. Маннык санаан көрдөхпүнэ, үксүбүт оҕо сайдар суолун көрдөһөр, онно үлэлэһэр аналлаах эбиппит диэн саныыбын.
Биһиги төрдүбүт Баайаҕалар, онно Луковцевтар диэн улахан аймах баар. Ол аймахха аҕабыт аймахтара эмиэ элбэх учуутал дьоннор бааллар. Аҕабыт тастыҥ бырааттара уонна балыстара, кинилэр оҕолоро, аҕабыт бииргэ төрөөбүт бырааттара, балта. Барыларын аахтахха улахан Луковцевтар педагогическай династиялара диэн буолуохпут этэ. Ааҕан көрбүппүт, ахсыан холбоон оҕону иитиигэ үлэлээбиппит 155 сыла буолбут эбит.
Быйыл сайын биһиэхэ Луковцевтар педагогическай династиялара диэн аат иҥэрилиннэ. Ол биһиги аҕабыт өр сыллаах үлэтин түмүгэ диэн сыаналыыбыт уонна кини аата ааттанарыттан үөрэбит. Бу аат элбэххэ эбээһинэстиир. Инникитин сиэннэрбит учуутал идэтин баһылыахтара диэн эрэнэбит.
– Зоя Петровна, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабыт!
Алена Таппырова, Айаана Семенова, VI кылаас,
В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолата,
Таатта