Хас биирдии киһи олоҕор учуутал бэлиэ миэстэни ылар. Быйыл Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна Уһуйааччы сылыгар учуутал, кини уустук үлэтин, олоххо суолтатын, учуутал идэтин наадалааҕын туһунан элбэхтик толкуйдаан ааһабыт.
https://vk.com/video-199463452_456240793
Онон Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна Уһуйааччы сыла бүгүҥҥү уопсастыбаҕа туһалаах буолла диэн сыаналыыбыт. Сэмэн Ноҕуруодап аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ учууталларын туһунан суруйууларын түмэн, эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
***
Учуутал – иккис ийэ
Мин саамай сөбүлүүр учууталым Сардаана Дмитриевна Платонова буолар. Кини саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэтэр. Сардана Дмитриевна миигин орто кылаастан үөрэтэр, иккис ийэм кэриэтэ. Улаатан, үлэһит да буолан бараммын, учууталбын умнуом суоҕа дии саныыбын.
Алина Тургунбекова, Х “Г” кылаас
***
Махтал, учуутал идэтин баһылаабыккытыгар!
Мин саамай таптыыр учууталым Татьяна Николаевна Зырянова. Кини миэхэ бастакы учууталым буолар. Татьяна Николаевна суруйарга, ааҕарга, ахсааҥҥа үөрэппитэ. Кини оҕолорго үчүгэй сыһыаннаах. Хаһан да хаһыытыы, мөҕө сылдьыбат. Биһигини кытта олус истиҥник кэпсэтэр, сүбэлиир.
Билигин кылааһым салайааччыта Екатерина Васильевна Иванова. Кини саха тылын уонна литературатын учуутала. Екатерина Васильевна уруоктара интэриэһинэйдэр, барытын киһи өйдүүр гына быһаарар. Кини олус холку куоластаах. Киһи уоскуйар.
Учууталларым миэхэ күндү дьоннорум буолаллар. Татьяна Николаевна, Екатерина Васильевна, эһиги учуутал идэтин баһылаан, бүгүн биһиги аттыбытыгар бааргытыгар махтанабын!
Артем Седалищев, V “В” кылаас
***
Үтүө дьонум – Учууталлар
Мин санаабар, киһи көмөлөһөр, өйүүр, сүбэ-ама буолар киһитигэр махтаныахтаах. Ол иһин күндүтүк саныыр учууталларбар Анастасия Васильевна Александроваҕа, Сардана Дмитриевна Платоноваҕа, Елена Семеновна Ноговицынаҕа, Лилия Егоровна Поповаҕа ис сүрэхпиттэн махталбын тиэрдэбин – тулуургут, үтүө санааҕыт, биһиэхэ биэрэр билиигит иһин!
Айсан Скрябин, VIII кылаас
***
Үөрэммит кылааспар наар кэлэ турабын
Мин таптыыр учууталым Александра Петровна Ильинова. Кини биһиэхэ букубаар, тэтэрээт, харандаас туттаран, маҥнайгы кылаастан үөрэппитэ. Үөрэх диэн тугун быһааран биэрбитэ, оскуола быраабылаларын туһунан өйдөппүтэ.
Аан маҥнай оскуолаҕа кэлбиппин олох умнубаппын. Ол дьыл балаҕан ыйын 1 күнэ олус сылаас күн этэ. Ийэм сиэтэн илдьэн Александра Петровнаҕа туттарбыта. Наһаа элбэх оҕо турар этэ. Элбэх киһини көрөн куттаммыппын өйдүүбүн. Онтон олох да ытаан киирэн барбытым. Ону учууталым уоскуппута. Мин олох уоскуйбакка, уһуннук ытаабытым. Билигин ону санаатахпына күлэбин. Ити түгэни олох умнубаппын.
Кылааспытыгар 30 буолан үөрэммиппит. Оҕону кытта табаарыстаһарга, эйэлээх буоларга учууталым үөрэппитэ. Саамай өйдөөн хаалбыт уруогум – технология. Ийэлэрбитигэр, аҕаларбытыгар бэйэбит открытка, бэлэх оҥорорбут. Учууталбыт араас оҥоһуктары оҥортороро. Кылааспытыгар эрээттэринэн бэрээдэккэ, уруокка сорудаҕы сөпкө оҥорууга күрэхтэһээччибит. Ким элбэх баллаах хамаанда кыайыылаах буолара.
Билигин сэттис кылааска үөрэнэбин. Александра Петровналыын наар көрсөбүн, үөрэммит кылааспар куруук киирэ турабын. Учууталым наар үөрэ-көтө көрсөр, миигиттэн хайдах үөрэнэрбин ыйытар. Туохха эмит ыарырҕаттахпына көмөлөһөр, ситиһиибиттэн үөрэр. Бары урукку кылааспытынан пикниктыыбыт, оонньуубут, кэпсэтэбит. Маҥнайгы учууталым биһигини умнубакка сылдьарыгар махтанабын. Кини куруук үөрэ сылдьыан баҕарабын.
Юля Максимова, VII “В” кылаас
***
Истиҥник саныыбын
Учууталларбын Дария Александровна Кривошапкинаны, Евдокия Николаевна Терютинаны, Любовь Семеновна Макарованы уонна үөрэтэр учууталларбын барыларын истиҥник саныыбын. Учууталларым наар үөрэ сылдьыахтарын баҕарабын. Хаһан да кырдьымаҥ уонна ыалдьымаҥ! Биһиги эһиги эппиккитин истиэхпит уонна үчүгэйдик үөрэниэхпит.
Ира Скрябина, VII “Б” кылаас
***
Учуутал биэрбит билиитэ – олоҕум тирэҕэ
Быйыл оскуоланы бүтэрэр сылым. Оскуолаттан арахсарым чугаһаан истэҕин аайы учууталларбын күндүтүк саныырым өссө күүһүрэн иһэр. Киһи олоҕун эппиэтинэстээх кэмигэр үктэнээри туран, учууталларын ордук күүскэ сыаналыыр. Кинилэр сылаас сыһыаннарыгар наар оҕо буолан ойо-тэбэ сылдьыаххын баҕараҕын. Ол гынан баран, олоххо оннук буолбат. Бэйэҥ аналгын, миэстэҕин булан үлэһит киһи буолуохтааххын. Онуоха учууталларым сүбэлэрэ, иҥэрбит билиилэрэ тирэх буолуо. Учууталларым, хаһан да ыалдьымаҥ, куруук үөрэ сылдьыҥ, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри. Үөрэтэр оҕолоргут истигэн, бэрээдэктээх буоллуннар.
Айтал Никифоров, XI “А” кылаас
Бэлэмнээтилэр С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын юнкордара
Салайааччы Агафья Седалищева