Бүгүн кэпсиир дьоруойдарбыт Сунтаар Күндэйэтигэр олороллор. Ыал ийэтэ Людмила Васильевна оскуолаҕа математика учуутала, оттон аҕалара Владислав Валерьевич – суоппар.
Васильевтар икки уоллаахтар уонна түөрт кыыстаахтар. Улаханнара Айаал устудьуон, Арсен XI, Айта IX, Амелия IV кылаас үөрэнээччилэрэ, Лилия, Влада биэбэйик иитиллээччилэрэ.
– Мин өттүбүнэн аймахтарым элбэх оҕолоохтор. Эбэлээх эһэм 15 оҕолоох үһүлэр. Ийэм да, аҕам да сэттиэлэр, – диэн Людмила Васильевна кэпсиир.
Суот-учуот, эбии дохуот
– Былырыын “Тыа сирин бастыҥ ыала” күрэххэ кыттан, кыайыылаах буолбуппут. Дьиэ кэргэнинэн “Оҕону үлэнэн иитии” бырайыакпытын көмүскээбиппит. Айаал магнитиктары оҥоруу, Арсен хортуоппуйу олордуу туһунан бырайыактаахтар. Кыра уол VIII кылааска чааһынай урбаанньыт буолбута.
Иккис кыыспыт кууруссаны иитии туһунан чинчийэн, суоттаан-учуоттаан, бу дьарык дьиэ кэргэҥҥэ барыстааҕын, доруобуйаҕа туһалааҕын дакаастаабыта. Биир кыыспыт киэргэллэри оҥорор, эбии дохуот киллэрэр, – диэн сэһэргиир алта оҕо иһирэх ийэтэ.
Ити курдук, “Тыа сирин бастыҥ ыала” куонкурус кыайыылаахтара, бырайыактарыгар да сурулла сылдьарыныы, “Үтүө сүүрээни өйүөҥ – үбүҥ үллэрин сөҕүөҥ” диэн сүрүн санаанан салайтараллар.
– Тыа сирин ыала кэтэх хаһаайыстыбалаах буолуохтаах. Биһиги дьиэ кэргэн сүөһүнү иитэбит. Үүт туттарабыт, саас саһаанныыбыт, сайын оттуубут. Оҕолорбутун кыра саастарыттан үлэҕэ сыһыарар, илдьэ сылдьан, олох үөрүйэхтэригэр үөрэтэр үгэһи өрө тутабыт, – диэн сэһэргиир Людмила Васильевна.
Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, суон дурдата, халыҥ хаххата Владислав Валерьевич: “Тыа сиригэр кыайар, сүрэхтээх киһиэхэ сүөһүлээх-астаах туох куһаҕаннаах буолуой?” – диир.
Оҕо сатабыла – өй-санаа дьаарыһа
Бу Васильевтар бырайыактарыгар сурулла сылдьар этии сөптөөҕүн кинилэрдиин кэпсэтии бигэргэтэн биэрэр.
– Оҕону хааччахтаабакка, онно-манна кытыннаран иһиэххэ наада дии саныыбын. Кини хайаан да дьарыктаах буолуохтаах.
Аҕа уолун батыһыннара сылдьан, тиэхиникэҕэ сыһыарыахтаах, булка тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьыахтаах. Эр киһилии иитиэхтээх. Оттон кыыс оҕо дьиэ хаһаайката буола улаатарыгар кыра сааһыттан олук ууруллуохтаах. Кинини ийэтэ астыы, иистэнэ үөрэтиэхтээх, – диир Людмила Васильевна.
Туйгун үөрэнээччи, эдэр урбаанньыт
– Убайым курдук туйгуннук үөрэнэргэ дьулуһабын, көмүс мэтээл туһугар үлэлиибин. КГЭ физиканы уонна биологияны талбытым. Тыа хаһаайыстыбатын эбэтэр ньиэп, гаас эйгэтин үлэһитэ буолар баҕа санаалаахпын, – диэн XI кылаас үөрэнээччитэ Арсен Васильев сэһэргиир.
– Убай буолар хайдаҕый? Хайдах убайгыный?
– Үчүгэй. Дьиэ ис-тас үлэтигэр төрөппүттэрбэр көмөлөһөбүн. Убайым устудьуоннуу барбыт буолан, билигин соҕотохпун.
– Бырайыагыҥ туһунан “Кэскил” ааҕааччыларыгар урут кэпсээбиппит. Дьыалаҕын салгыы сайыннарар санаалааххын дуо?
– Мин VIII кылааска урбаанньыт буолбутум. Хортуоппуй олордуутун, ону полуфабрикат (холобур, фри) оҥорон таһаарыы туһунан бырайыактаахпын. Үһүс сылбытын үлэлиибит. Онон сыалбытын син ситистибит. Холобур, бастакы сылбытыгар 123 куулу ылбыппыт. Фри оҥоруута билигин бырайыак эрэ курдук.
– Үөрэҕи эрэ өрө тутаҕын дуу, тугунан эмит эбии дьарыктанаҕын дуу?
– Оскуола олоҕор төһө кыалларынан көхтөөхтүк кытта сатыыбын. Онон күн солото суох курдукпун. Иллэҥ кэммэр тустуунан дьарыктанабын.
Арсен оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэр баҕа санаата туоларыгар, саҕалаабытын салгыы сайыннарарыгар, ылсыбытын ыһыктыбатыгар бүк эрэнэбит.
Ити курдук, Васильевтар кэрэхсэбиллээх холобурдарынан үлэ киһини киэргэтэрин, үтүөҕэ эрэ үөрэтэрин өссө төгүл итэҕэйэбит.
Кэпсэттэ Айыына КСЕНОФОНТОВА.
Василий ПАК түһэриилэрэ.